Егоров Николай Терентьевич

 

Тэрэнтэйэбис, эрдэ тулаайах хаалан, оскуолаҕа үөрэммэтэҕэ. Оҕо сааһыгар атаҕын тобугун таһааран, онтуката кыайан киирбэккэ, доҕолоҥноон хаамара. Кыра эрдэҕиттэн холкуос араас үлэтигэр сылдьара, сайын от мустарара. Мин Ньукулайдыын икки сайын от мустарыытыгар сылдьыспытым. Сүрдээх көнө, ээҕи кытта сылдьар киһи этэ. Ырааҕынан аймахтарыгар эҥэрдэһэн олорбута. Атахтааҕа буоллар, кыайыгас-хотугас, күүс да баар быһыылааҕа, илиитигэр кыанар этэ. Сөп соҕус орто уҥуохтааҕа, халыҥ киппэ эттээҕэ-сииннээҕэ. Кыра соҕус былдьыры саҥалааҕа.

Сааһыран иһэн, бөһүөлэккэ ыаллыы олорор хас да оҕолоох Турантаева Анна Николаевнаны  кэргэн ылбыта, онтон увол оҕо төрөөбүтэ, ону аҕатын аатынан Тэрэнтэй диэн ааттаабыта. Үчүгэй баҕайытык олорбуттара. Тэрэнтэйэбис, оҕо эрдэҕиттэн айылҕаны кытта алтыспыт буолан дуу, айылҕаттан бэриллибит талаанынан дуу самыыры-хаары, күнү-дьылы сүрдээх табатык этэр дьоҕурдааҕа. Сылыксыт идэлээҕэ. Бииргэ сылдьар дьоно сөҕөн арааһы кэпсээччилэр. Дойдутун сирин-уотун олус үчүгэйдик билэрэ. Кинини кытта сырыттаххына, мунар эҥин туһунан санаа суох буолара.

Биир күһүн аттан бырахтаран, сыһыыга соҕотох сылдьан, таһырдьа хонон, тымныйан күүскэ ыалдьыбыта, онтон өрүттүбэккэ өлбүтэ. Уола Тэрэнтэй Чурапчыга кэргэн ылан, оҕолонон, сүөһү-ас ииттэн бэркэ олорор. Киниэхэ, саастаах киһи быһыытынан, барыта этэҥҥэ буоллун диэн алгыспын аныыбын.

Ахтыыны суруйда Егоров Николай Николаевич – тыыл, үлэ ветерана.