Готовцев А

Готовцева Анисия Дмитриевна ыанньыксыт, аҕалара Николай Иннокентьевич болуотунньук этилэр. «Сулус» колхоз чилиэннэрэ, Муҥур Хатыҥҥа олорбуттар. Анисия Дмитриевна сүрдээх дьаһаллаах дьахтар этэ диэн кырдьаҕастар ахталлар. Кинилэргэ сэриигэ кыттыбыт ини-бии Аммосовтар Василий, Дмитрий,
Петр Васильевичтар олорон Танда оскуолатыгар үөрэммиттэр.  https://e.uacbs.ru/cbselib/kraeved/VOV/Kyajyyny_ushansymybyk_ytyk_ijeler/mobile/index.html#p=53

Окоемов С

Окоемов Семен Николаевич (1919 -1964 сс.) 1919 сыллаахха Тандинскай нэһилиэгэр төрөөбүт. Уолаттарыттан улаханнара Семен атыылааччынан үлэлээбит.
Чурапчы военкоматынан 1942 сыллаахха бэс ыйын 23 күнүгэр ыҥырыллыбыт. 1942 сыллаахха балаҕан ыйын 5 күнүгэр дьонугар ыыппыт суругар байыаннай олох ыараханын бу курдук суруйбут: «Сылдьыыбыт, доруобуйабыт бэттэр. Туолка айах улахан куһаҕан буолан, сэниэ суох. Инньэ гынан кыайан сүүрэр сэниэ суох буолуталаата. Адьас сотору фроҥҥа ыыталлара буолуо дэһэллэр. Олус наһаа кылгастык утутар буоланнар, дойдуну хас күн, чаас аайы саныыбыт, ахтабыт». Арҕаа фроҥҥа 212 Киевскэй стрелковай дивизияҕа 1942-1943 сылларга сулууспалаабыт, Московскай, Смоленскай, Калининскай уобаластары уонна Белоруссияны босхолооһуҥҥа кыттыбыт. Сэриигэ түөрт төгүл бааһырбыт. 1944 сыллаахха дойдутугар эргиллэн кэлбит, колхоһугар үлэлээбит. Аҕа дойду сэриитин II степеннээх орденынан наҕараадаламмыт. 1964 сылга сэриигэ ылбыт баастарыттан ыалдьан өлбүт.

Окоемов С

Окоемов Петр Николаевич (1920-1942 сс.) 1920 сыллаахха Тандинскай нэһилиэгэр төрөөбүт. Петр Николаевич «Сулус» колхоз чилиэнэ, кладовщигынан
үлэлии сылдьан 1941 сыллаахха атырдьах ыйын 12 күнүгэр Чурапчы военкоматынан ыҥырыллыбыт. Смоленскай сиригэр сураҕа суох сүппүт.

Окоемов И

Окоемов Иван Николаевич (1923 - 2001 сс.) 1923 сыллаахха Тандинскай нэһилиэгэр төрөөбүт. Иван Иннокентьевич Илиҥҥи фроҥҥа сулууспалаабыт. Кэлин Өлүөхүмэ куоратыгар эргиэн эйгэтигэр ревизор-бухгалтерынан өр сылларга үлэлээбит. 2001 сыллаахха ыалдьан өлбүт.
Үс оҕолоох, сиэннэрдээх.