Гоголева М

Гоголева Мария Самсоновна 1888 сыллаахха Бэрт-Ууһун нэһилиэгэр төрөөбүтэ. Кини Крылов Гаврил Александрович-1кэргэн тахсыбыта. Эдэр ыаллар Тимир Баппыт диэн кыра алааска олорбуттара. Крыловтар 8 оҕоломмуттара, олортон Гаврил диэн уоллара 6-7 сааһыгар муҥурдаах ыарыытыттан эмискэ өлбүтэ. Уоттаах 1941-1945 сс. сэрии дойду олоҕун холоруктуу ытыйбыта, ыал олоҕун барытын аймаабыта, ийэни-оҕону харах уутунан сууннарбыта.                        https://e.uacbs.ru/cbselib/kraeved/VOV/Kyajyyny_ushansymybyk_ytyk_ijeler/mobile/index.html#p=48

Крылов Д

Мария, Гаврил Крыловтар улахан уоллара Дмитрий Гаврильевич-1 1907 сыллаахха төрөөбүтэ. Аҕата ыарыһах буо-лан, ыал улахан оҕото кыратыттан араас үлэҕэ эриллэн улааппыта.«Куотука» холкуоска сайынын от охсуутугар, кыһынын ферма тасүлэтигэр, эбэтэр мас мастааһыҥҥа үлэлиирэ.1941 сыллаахха балаҕан ыйыгар сэриигэ ыҥырыллыбыта. Читинскэй уобаласка Байкальскай куоракка буулдьа оҥорор собуокка тиийэн, буулдьа, снаряд оҥорсор. Онтон 1942 сыллаахха саас элбэх аты харабыллаан, поеһынан арҕаа фроҥҥа барбыт. Москваҕа тиийэн аттарын туттараат, Ленинградскай фронт бэһис армиятыгар пехота саллаата буолан, уоттаах сэриигэ киирэр. Өлүү-сүтүү бөҕөнү көрсөр. Аны сэриилэһэр сирдэрэ кута-маар, бадараан буолан сордуур, окуопа хастахтарына уунан туолан иһэр эбит. Ол да буоллар, син инникһлэрин диэки сыҕарыйан иһэллэр. Кэлин Архангельскай куораты босхолообуттар, бу куоракка кыстаан баран, күүс
эбинэн баран Мурманскай туһаайыытынан кимэн киирэллэр. Ол сэриилэһэ сылдьан, 1944 сыл бүтүүтэ, уҥа илиитин ортотун уонна ыйар тарбаҕын быһа ыттаран, госпиталга киирбит, ону тута Москваҕа ыыппыттар. Онно кэлэн бэрэбээскигэ сылдьан, Ильюшин аатынан авиационнай собуокка НКВД байыаннай охранатыгар киирэн, харабылга турар. Биир сыл буолан баран, 1945 с/, ахсынньы ый бүтүүтэ армияттан босхолонон дойдутугар төннөр. Онон 1946 сыл тохсунньу ыйга дойдутун булар.
https://bpolk.uacbs.ru/index.php/ru/voiny-ust-aldanskogo-ulusa/41-khorinskij-nasleg/2360-krylov-dmitrij-gavrilevich-i

Крылов С

Крылов Семен Гаврильевич 1912 сыллаахха төрөөбүтэ. 30-сыллардааҕы комсомол чилиэнэ, 1936-1939 сылларга холкуоһугар правление чилиэнэ, комсомол бастакы сүһүөхтээх тэрилтэтин сэкирэтээрэ. Нэһилиэк общественнай олоҕор активнайдык кыттар, 4 кылаас үөрэхтээх буолан суруксутунан үлэлэтэллэрэ, хонуу биригэдьииринэн да аныыллара. Дьокуускайга колхознай оскуоланы бүтэрэн, сэрии аҕай иннинэ 3 сыл председатели солбуйааччынан үлэлээбитэ. Сэрии бастакы сылыгар кадровай булчут быһыытынан бронялаах буолан, фроҥҥа ыҥырыллыбатаҕа. Аҕа дойдуну көмүскүүр Улуу сэриигэ 1942 сыллаахха бэс ыйын 22 күнүгэр ыҥырыллыбыта. 2 ыйдаах снайпердар, 6 ыйдаах хайыһардьыттар курстарыгар үөрэнэн баран, икки аҥаар сыл курдук сэ- рии инники кирбиититтэн тахсыбатаҕа, иккитэ бааһыран эмтэнэ-эмтэнэ сэриигэ киирэн испитэ. Арҕаа Прибалтийскай фронт 72-с стрелковай полкатыгар сэриилэспитэ, Латвияны, Полынаны босхолуур кыргыһыыга кыттыбыта. 1944 сыллаахха сэтинньигэ Кенигсберг куорат иһин кыргыһыыга ыараханнык бааһыран госпиталлары кэрийэн уһуннук эмтэммитэ, иккис группалаах инбэлиит буолбута. Дойдутугар 1945 сыл сааһыгар эргиллибитэ. Албан аат 3-с степеннээх орденынан, элбэх бойобуой мэтээллэринэн наҕараадаламмыта.     https://bpolk.uacbs.ru/index.php/ru/voiny-ust-aldanskogo-ulusa/41-khorinskij-nasleg/2642-krylov-semen-gavrilevich

Гоголев Д

Гоголев Дмитрий Гаврильевич таайдара Гоголев Семен Самсоновичтаахха иитиллибитэ. Кини Хоро нэһилиэгэр 1916 сыллаахха төрөөбүтэ. 1941 сыллаахха Верхоянскай райкомола 30 комсомолеһы бэбиэскэлээн, Эһэ-Хайаттан кэлбит представительга туттарар. Бу Эһэ-Хайатааҕы байыаннай охрана Магаданнааҕы байыаннай командованиеҕа бас бэринэр оһуобай дивизион этэ. Манна хонбуойдуур чааска 1948 сыллаахха диэри сулууспалаабыта. Дойдутугар кэлэн
Бороҕоннооҕу “Сельхозтехника” тэрилтэтигэр үлэҕэ киирбитэ, 4-с разрядтаах токарь буолбута. Кэргэнинээн Анна Семеновналыын 2 оҕолоохтор этэ.    

 

Крылов Е

Крылов Еремей Гаврильевич ыам ыйын 9 күнүгэр 1920 сыллаахха төрөөбүтэ. Чараҥ, онтон Мүрү оскуолаларын 7 кылааһын үөрэнэн бүтэрбитэ. Дьокуускайга киирэн физкультура учууталларын уонна старшай пионербаһаатайдар биир сыллаах республиканскай оскуолаларын үөрэнэн бүтэрбитэ. 1942 сыллаахха Бороҕоҥҥо оройуоннааҕы спорт комитет председателинэн үлэлии олорон, армияҕа ыҥырыллыбыта. Уралга Молотов куорат аттыгар байыаннай үөрэххэ киир-
битэ. Онно үөрэнэ-үөрэнэ бэрэбинэлэри таһан землянкалары туталлара. Ити сыл кинилэри тыаҕа, дьиэтэ-уота суох сиргэ таһаарбыттара. Онно землянка хастан, пихта мутукчаларынан отуу туттан олорбуттара. Онтон арҕаа фроҥҥа атаарбыттара. Кини 40-с армия 21-с отдельнай, оһуобай хайыһар биригээдэтигэр сулууспалаабыта. Тимир суолунан өстөөх оккупациялаан сылдьыбыт дэриэбинэлэригэр тиийбиттэрэ. Онтон хаар саба түһэн, 400 км сатыы айаннаабыттара. Фронт линиятыгар тиийэн Калининскай уобаласка сэриигэ киирбиттэрэ. Кинилэр хайыһарынан өстөөх кэтэҕэр киирэн сэриилэһэр аналлаах этилэр. Ити күн хаар ууллан хаалан уопсай атаакаҕа киирбиттэрэ. Кинини пулеметчигынан анаабыттара. Калининскай уобаласка биир атаака кэмигэр сүүрэн иһэн, хаҥас
илиитигэр таптаран, Редкино станциятыгар баар госпиталга илиитин операциялаабыттара. Онтон икки ый эмтэммитэ, сэрии 3-с группалаах инбэлиитэ оҥороннор, дойдутугар эргиллэн кэлбитэ.     https://bpolk.uacbs.ru/index.php/ru/voiny-ust-aldanskogo-ulusa/41-khorinskij-nasleg/2639-krylov-eremej-gavrilevich