Анна Павловна Васильева (Олесова) 1889 с. Нам улууһун Хомустаах нэһилиэгэр төрөөбүтэ. 1917 сыллаахха Васильев Григорий Романович диэн Дүпсүн улууһун киһитинээн ыал буолбуттара. Аҕа Дойду сэриитигэр хорсуннук сэриилэһэ сылдьан түөрт ииппит уолаттара өлбүттэрэ.https://e.uacbs.ru/cbselib/kraeved/VOV/Kyajyyny_ushansymybyk_ytyk_ijeler/mobile/index.html#p=34
Васильев Петр Гаврильевич (1913-1943 сс.) 1942 с. сэриигэ ыҥырыллыбыт, 1943 с.алтынньы ыйга Новгородскай уобаласка Старай Русса оройуонугар Ильмень күөл кыргыһыытыгар өлбүт, онно көмүллүбүт.
Васильев Михаил Григорьевич (1914-1945 сс.) 1943 с. сэриигэ ыҥырыллыбыта. Берлинтэн үс көстөөх сиргэ 1945 с. муус устар ыйга өлбүт, онно көмүллүбүт.
https://bpolk.uacbs.ru/index.php/ru/voiny-ust-aldanskogo-ulusa/597-vasilev-mikhail-grigorevich
Васильев Гаврил Григорьевич (1915-1942 сс.) 1941 с атырдьах ыйын 12 күнүгэр сэриигэ ыҥырыллыбыт. 1942 с. Харьков куорат таһыгар кыргыһыыга өлбүт, Смоленскай уобалас Сычевскай оройуонугар Жеребцово дэриэбинэҕэ көмүллүбүт.
Васильев Кирилл Григорьевич (1917-1942 сс.) 1941 сыллаахха сэриигэ ыҥырыллыбыт. 1942 сыллаахха Украина сиригэр сэриилэһэ сылдьан өлбүт. https://bpolk.uacbs.ru/index.php/ru/voiny-ust-aldanskogo-ulusa/27-dyupsyunskij-nasleg/425-vasilev-kirill-grigorevich