Ефимова В

Дүпсүн сиригэр Ленин аатынан колхоз кырдьаҕас үлэһитэ, 9 оҕо ийэтэ Варвара Ефимова суостаах-суодаллаах сэрии сылларыгар 4 чиргэл-чэгиэн бэйэлээх, күөгэйэр күннэригэр сылдьар күндү уолаттарын Ийэ дойду көҥүлүн, чиэһин көмүскэһэр сэриилэһэр армияҕа ыыталаабыта. Варвара эмээхсин сэрииигэ атаарбыт түөрт уолаттарыттан төрөөбүт төрүт сирдэригэр биир да уол төннүбэтэҕэ. Ийэ буойун уолаттарын дьылҕаларын туһунан сэриилэһэр армиялартан
“Хорсуннар өлүүлэринэн өллө”, «Сураҕа суох сүттэ» диэн 4 төгүл кутурҕаннаах биллэриилэри туппута. Ама да ааспытын иһин, ийэ барахсаҥҥа ыар сүтүктэр. Сэрии диэн итинник долгуннаах олохтоох, алдьархай аргыстаах. Ол иһин араас көлүөнэлэр эйэлээх олоххо сэрии кутталын утары туруулаһан охсуспуттара уонна охсуһаллар. Түөрт бырааттыылар улахан олох суолугар бигэтик турбут, аймах-билэ дьонноро баар эрэ бастыҥ уолаттарбыт диир нэһилиэк  киэн туттар ыччаттара этилэр.        https://e.uacbs.ru/cbselib/kraeved/VOV/Kyajyyny_ushansymybyk_ytyk_ijeler/mobile/index.html#p=62

Семен

Семен 1941 сыллааҕы бастакы хомуурга түбэһэн, биир дойдулаахтарын, кырдьаҕас ийэтин кытта бырастыыласпыта. Семен ханна, хайа байыаннай чааска сэриилэспитин туһунан чопчу туоһулуур докумуоннар көстө иликтэр. Сэрииттэн тыыннаахэргийбит биир дойдулаахтара ахталларынан, Семен Ефимов күһүн
Харьков туһайыытынан Хотугу Донец өрүс кирбиитигэр тиийбит маршевой батальон састаабыгар баара үһү. Сталинград оройуонугар сэриилэһэ сылдьалларын туһунан суруйбуттар. Связист Михаил Ефимов “Командование бойобуой сорудаҕын толоро сылдьан сураҕа суох сүппүтүн” туһунан биллэриини ийэтэ Варвара эмээхсин өлүөн аҕай эрэ иннинэ туппута.

1941-1942 сс. Харьков куорат туһаайыытынан 226-с, 81-с стрелковай дивизиялар кыргыспыттара. Историкгар бигэргэтэллэринэн, бу дивизияларга тыһыынчаттан тахса саха сэриилэспитэ. Ити ахтыллыбыт дивизиялар Харьковоройуонуттан Сталинград анныгар диэри чугуйбуттара. Манна үтүмэн үгүс сүтүк
тахсыбыта. Семен бүтэһик суругар үстэ бааһыран үтүөрэн, фроҥҥа барабын диэн суруйбута үһүhttps://bpolk.uacbs.ru/index.php/ru/voiny-ust-aldanskogo-ulusa/27-dyupsyunskij-nasleg/1254-efimov-semen-eliseevich

Михаил

 

Константин

Михаил Өлүөхүмэттэн, Константин Ньурбаттан Кыһыл Армия кэккэтигэр ылыллыбыттар. Эдьийдэригэр Өлөөнөҕө Сталинград оройуонугар сэриилэһэ сыл-
дьалларын туһунан суруйбуттар. Связист Михаил Ефимов “Командование бойобуой сорудаҕын толоро сылдьан сураҕа суох сүппүтүн” туһунан биллэриини ийэтэ Варвара эмээхсин өлүөн аҕай эрэ иннинэ туппута.

Роман

Варвара эмээхсин аччыгый уола Роман Ефимов, Өлүөхүмэ райсоветын полит-сырдатар отделын үлэһитэ Курскай Тоҕойгоэдэр олоҕун толук биэрбитэ.

Слайд17