1895 сыллаахха Уус-Алдан оройуонун Тандатыгар төрөөбүт. Курбуһах киһитигэр Пестряков Дмитрий Егоровичка кэргэн тахсан Курбуһах нэһилиэгин Бүтэйдээҕэр олохсуйбуттар. Барыта 20-тэн тахсата оҕоломмуттарыттан, 6-та эрэ тыыннаах ордубут. Матрена Николаевна колхозка доярканан, оскуолаҕа остуораһынан, балыыһаҕа сестра-хаһаайканан үлэлээн пенсияҕа тахсыбыта. Элбэх
сиэн, хос сиэн эбэтэ 1974 с. күн сириттэн барбыта. Матрена Николаевна сэриигэ 3 уолун атаарбыт: https://e.uacbs.ru/cbselib/kraeved/VOV/Kyajyyny_ushansymybyk_ytyk_ijeler/mobile/index.html#p=114
Пестряков Константин Дмитриевич 1918 сыллаахха Бүтэйдээххэ төрөөбүт. Курбуһах сэттэ кылаастаах оскуолатын бүтэрбит. Колхоз төһүү үлэһитэ. Массыынанан бастыҥ от оҕустарааччы. 1939 сыллаахха Уус-Алдан стахановецтарын уонна ударниктарын слетугар үлэҕэ үрдүк көрдөрүүтүн иһин «Саха АССР 15 сыла» диэн значогунан уонна булт саатынан наҕараадаламмыт. Кини Саха национальнай байыаннай оскуолатын, Иркутскай Сретенскэй байыаннай училигцетын выпускнига. Кыһыл Армияҕа 1939 сылтан 34-с Армия своднай полкатыгар сулууспалаабыт. Старшай лейтенант званиелаах. Сэриигэ батальон разведгруппатыгар сылдьан мындырын, хорсунун көрдөрбүт. Кэлин Хотугулуу-Арҕааҥы фронт 245-с стрелковай дивизиятын 898-с стрелковай полкатыгар рота командирынан сулууспалаабыт. Хорсун сэрииһит балаҕан ыйын 10 күнүгэр 1943 сыллаахха ыарахан бааһырыыттан өлбүт. Ленинградскай уобалас Старорусскай оройуонугар Ясная Поляна дэриэбинэҕэ көмүллүбүт. https://bpolk.uacbs.ru/index.php/ru/voiny-ust-aldanskogo-ulusa/28-kurbusakhskij-nasleg/715-pestryakov-konstantin-dmitrievich
Пестряков Николай Дмитриевич 1924 сыллаахха Бүтэйдээххэ төрөөбүт. Армияҕа 1943 сыллаахха ыҥырыллан Арҕааҥы уонна
Илиҥҥи фроннарга сэриилэспит. 1947 сыллаахха демобилизацияланан дойдутугар кэлбит, онтон ыла колхоһугар биригэдьииринэн,
бухгалтерынан үлэлээбит. 1982 сыллаахха Эдьигээн оройуонугар үлэлии сылдьан ыалдьан өлбүт. Аймахтара, оҕолоро төрөөбүт, ула-
аппыт Бүтэйдээҕэр аҕалан көмпүттэр. https://bpolk.uacbs.ru/index.php/ru/voiny-ust-aldanskogo-ulusa/33-oltekhskij-nasleg/1559-pestryakov-nikolaj-dmitrievich
Пестряков Егор Дмитриевич 1926 сыллаахха Бүтэйдээх диэн сиргэ төрөөбүт. 7 кылаас үөрэхтээх. Армияҕа 1942 сыллаахха алтыа буолан барбыттар. Мальта станцияҕа сайылаабыттар. Онтон Харбин куоракка сулууспалаабыт. Дойдутугар 1950 сыллаахха эргиллэн кэлбит. Дойдутугар кэлээт, техникаҕа сыһыаннаах эдэр киһи тракториһынан, быстах кэмҥэ комбайнерынан «Октябрь», Микоян
аатынан колхозтарга, кэлин аҕыйах сыл устата оскуола-интернакка үлэлээбит. Кэргэнэ Аммосова Февронья Алексеевналыын биир уол, үс кыыс оҕоломмуттар. Билигин элбэх сиэн уонна хос сиэннэр бааллар. Егор Дмитриевич 1978 сыллаахха олохтон барбыт. https://bpolk.uacbs.ru/index.php/ru/voiny-ust-aldanskogo-ulusa/28-kurbusakhskij-nasleg/713-pestryakov-egor-dmitrievich