Габышева В

Ийэм Габышева Варвара Федоровна 1884 с. Өнөр нэһилиэгэр Уус-Алдан оройуонугар төрөөбүт, бииргэ төрөөбүт 4-лэр, 2 уол, 2 кыыс. Саамай кыралара, мин ийэм Габышев Федор Аммосовичка кэргэн тахсан 2 Лөгөй нэһилиэгэр олохсуйбут. Уопсайа 16-та оҕоломмут, онтон ордубута 9 оҕо, 6 уол, 3 кыыс. Уолаттара Дмитрий, Роман-1, Роман-Н, Ксенофонт, Михаил, Егор, кыргыттара Өлөөнө, Варвара, аччыгыйдара мин, Мария. Варвара сэрии иннинэ өлбүтэ, хайа сылын билбэппин, тымныйыыттан, 15 сааһыгар дииллэр этэ.       https://e.uacbs.ru/cbselib/kraeved/VOV/Kyajyyny_ushansymybyk_ytyk_ijeler/mobile/index.html#p=40

Габышев Д.Ф

Габышев Дмитрий Федорович.(1908-1944)

1908 сыллаахха төрөөбүт. 1942 сыллаахха балаҕан ыйын 29 күнүгэр Чурапчы военкоматынан ыҥырыллыбыт. 1944 сыллаахха тохсунньу 1 күнүгэр Ильмень күөлгэ сэриигэ өлбүт. Новгородскай уобалас Старорусскай оройуонугар көмүллүбүт. Кэргэнэ, оҕото суох. Аҕата Габышев Федор Аммосович 1943 сыллаахха өлбүт, ийэтэ Варвара, балта Габышева Мария Федоровна 1929 сыллаах төрүөх, Тулунаҕа олорор.

https://bpolk.uacbs.ru/index.php/ru/voiny-ust-aldanskogo-ulusa/29-legojskij-2-j-nasleg/1609-gabyshev-dmitrij-fedorovich

Габышев Р.Д

Габышев Роман Федорович-1 колхоз тутаах үлэһитэ этэ, ферма сэбиэдиссэйинэн сэрии буолуор диэри үлэлээбитэ. Сэрии иннинэ кэргэннэммитэ, кыыс, уол оҕолооҕо. 1941 с-ха армияҕа барбыта,ол кэмҥэ уола ыалдьан 5 сааһыгар өлбүт. 1942 с. саас инбэлиит буолан кэлэн эмиэ холкуоһугар үлэлии сылдьан иккиһин ыҥырыллан барбыт уонна 1944 с. тохсунньу 23 күнүгэр Монголияҕа Улан-Цырик диэн куоракка өлбүт. Кыыһа Анна Романовна 1935 с-х төрүөх, улаатан холкуоһугар фермаҕа ыанньыксыттаабыта, кэргэннэммитэ, Костя уонна Роман диэн уолаттардаммыта, Романа өлбүтэ. Костя баар, кэргэннээх биир уоллаах, Уус-Алдан Суоттутугар олорор, пенсияҕа барбыта, уола Костя кэргэннээх, уол оҕолоохтор. Костя электрик, дьонноругар Суоттуга олороллор              https://bpolk.uacbs.ru/index.php/ru/voiny-ust-aldanskogo-ulusa/29-legojskij-2-j-nasleg/1614-gabyshev-roman-fedorovich-1

Габышев Р.Ф. 2

Роман Федорович-П 1919 с. төрүөх, үөрэҕэ 5 кылаас, 1935 с-ха бүтэрбит, 1939-1940 с-ха Якутскайдааҕы байыаннай оскуолаҕа үөрэнэн баран 1940 с-ха сулууспалыы барбыт уонна 1946 сыллаахха дойдутугар кэлбит. Кэлэн баран кэргэннэммит, биир уол оҕоломмуттар. Мин ийэм биһиги кырабытыгар, сэрии кэмигэр үс оҕотун олох суолугар үктэннэрээри күүһүн харыстаабакка үлэлээбитэ, 4 уолунсүтэрэн сэрии силлиэрин, өлүү үлүгэрин, эрэй эгэлгэтин, кыһалҕа
ыарыытын барытын сүгэн, хас биллэрии кэллэҕин аайы хараҕын уутунан суунан көхсүн кэҥэтэрэ күн бүгүн да мин харахпар бу баардыы көстөр. Эдьиийбэр биһиги тугу да кыайан көмөлөспөт кэриэтэ этибит, ийэтин биэнсийэтин мунньан ыытар буоларым. Егор Федорович да олох эрэйинэн бүтэрбитэ, 1955 с-ха педучилищеҕа физруктаабыта. Онтон үһүөн сүбэлэһэн, 1961 с-ха дьиэ тутан ийэбит тыыннааҕар балаҕан ыйын саҥатыгар бүтэрэн киллэрбиппит, онтукабыт ийэбит эрэйдээх баара суоҕа тохсунньуга эрэ тиийбитэ... 1962 с. тохсунньуга өлбүтэ.    https://bpolk.uacbs.ru/index.php/ru/bessmertnyj-materinskij-podvig/22-legojskij-2-j-nasleg

Слайд10