Гаврильева Е

Убайдарбыт бырааттыы Исаковта туһунан ахтыы.  Бу Улуу Кыайыы хас биирдии киһиэхэ, хас биирдии дьиэ кэргэҥҥэ хаһан да оспот ыар сүтүгүнэн, дьиҥ чахчы геройдуу быһыынан ситиһиллибитэ. Ким эһэтэ, аҕата, убайа, таптыыр доҕоро Ийэ дойдутун иһин өлөр-тиллэр охсуһууга сырдык тыыннарын толук биэрбиттэрэ.
Биһиги, тыыннаах хаалбыттар, кыргыһыы хонуутугар охтубут, өлбүт эт-хаан дьоммут олохторун салҕааччылар, кинилэр сырдык ааттарын ахтан-санаан ааһар - ытык иэспит. Ол ытык иэспитин толорон, биһиги дьиэ-кэргэнтэн сэриилэһэ сылдьан төннүбэттии барбыт убайдарбыт тустарынан, кылгастык да буоллар, ахтыахпытын баҕарабыт. Исаков (Ушницкай) Иннокентий Дмитриевич, Г аврильева Ефросинья Петровна дьиэ-кэргэттэрэ Найахыга олорбуттара. Ыал ийэтэ
Ефросинья Петровна (Чоппуоха кыыһа) Найахы нэһилиэгэр Хоту Чоппуоха алааһыгар төрөөбүтэ. Исаков Лэгэнтэй Дмитриевичкэ кэргэн тахсар. Эдэр ыал, 4 уол, 3 кыыс - уопсайа 7 оҕолоноллор.      https://e.uacbs.ru/cbselib/kraeved/VOV/Kyajyyny_ushansymybyk_ytyk_ijeler/mobile/index.html#p=42

Слайд11