Лыткина Акулина дьоно төрүт Уһун Күөл олохтоохторо эбиттэр. Өкүлүүн Өлөксөөндүр диэн кэргэннээх, 4 уол уонна биир кыыс оҕоломмуттар. Кэргэнэ эрдэ өлбүт, мин өйдөөбөппүн диэн ахтар нэһлиэкпит биир кырдьаҕас олохтооҕо Лыткина Анна Алексеевна, Герой Ийэ билигин сааһа 89. Акулиналаах улаханнара Копырина-Лыткина Ирина Александровна, түөрт уолаттарыттан Варфоломей, Роман, Дьөгүөр бэбиэскэ тутан сэриигэ барбыттар. Сэрии толоонуттан улахан уол Варфоломей Александрович соҕотоҕун эргиллибит. Икки уол, Романнаах, Дьөгүөр көмүс уҥуохтара сэрии толоонугар хаалбыттар. Кыра уолу Былатыаны ийэтэ икки хараҕынан көрбөт буолан, сэриигэ ыҥырбатахтар. Былатыан оҕо эрдэҕинэ Ааныс дьонугар ийэтин сиэтэн күүлэйдии кэлэллэрин өйдүүбүн диир ытык кырдьаҕас.
Лыткин Варфоломей Александрович. (1910-1975 сс.)
Лыткин В.А. 1910 сыллаахха төрөөбүт, 1942 сыллаахха сэриигэ барбыт. Кэргэнэ Өлөксөөндүрэ диэн, биир уол оҕону ииппиттэр, Егор диэн. Сэрии сылларыгар Аҕа дойду Улуу сэриитигэр уонна Японияны утары сэриигэ сылдьыбыт. Сэрииттэн Кыһыл Сулус орденнаах уонна «Бойобуой үтүөлэрин иһин” мэтээллээх кэлбит. https://bpolk.uacbs.ru/index.php/ru/voiny-ust-aldanskogo-ulusa/35-ospjokhskij-1-j-nasleg/1807-lytkin-varfolomej-aleksandrovich
Лыткин Роман Александрович
Лыткин Роман Александрович 1918 сыллаахха төрөөбүт. 1942 сыллаахха ыһыы саҕана Аҕа дойду сэриитигэр ыҥырыллан барбыт. Московскай уобаласка геройдуу сэриилэһэ сылдьан өлбүтүн туһунан 1943 сыллаахха командира, старшай лейтенант суруга кэлбитин, сүтэрбиттэр. Роман Александрович бэйэтэ суруйбут суругар Кыһыл Сулус орденнааҕын туһунан суруйбут. Сэриигэ барыан иннинэ «Кыһыл Сардаҥа» холкуос чилиэнинэн сылдьыбыт, кэргэннэммэтэх.
Лыткин Егор Александрович
1921 сыллаахха төрөөбүт. 1942 сыллаахха бэс ыйын 25 к. сэриигэ ыҥырыллыбыт. Сэриигэ барыан иннинэ «Кыһыл Сардаҥа» холкуоска үлэлээбит. Кэргэнэ суох https://bpolk.uacbs.ru/index.php/ru/voiny-ust-aldanskogo-ulusa/35-ospjokhskij-1-j-nasleg/1816-lytkin-egor-aleksandrovich
https://e.uacbs.ru/cbselib/kraeved/VOV/Kyajyyny_ushansymybyk_ytyk_ijeler/mobile/index.html#p=88