Уус-Алдан улууһугар Алдан өрүс икки кы тылын иилии тайаан сытар Өспөх нэһилиэгин хоту уһугар, Алдан өрүс нөҥүө кытылыгар,.Аҕа дойду Улуу сэриитин иннинэ “Чагдаайы» колхоз тигинээн олорбута. Өрүс киэҥ хочолоро өлгөм отунан долгуйаллара, хороҕор муостаах халҕаһалыы анньара. Чагдаайы, Элбэҕи күөллэригэр кус-хаас саҥата угуйа оргуйара,сайылыктарга түптэ буруота унаарыйара, оҕо-аймах саҥата ахсаабакка дуорайара. Сэрии иннинэ Румянцев Дмитрий Семенович диэн аҕалаах, Матрена Семеновна диэн ийэлээх, 7 уоллаах, 2 кыыстаах дьоллоох ыал олорбута.
Аҕалара, Иккис Өспөхтөн үс бырааттыы Үрүмээһэптэртэн ортокулара этэ. Бу бырааттыылар үһүөн кус быһый, ат бөҕө дьон эбиттэрэ үһү.Кинилэр дьиэ-уот туттан, бултаан-алтаан, сүөһү ииттэн үрэхбаһыгар уу-чуумпутук бүгэн олорбуттара. Сэбиэскэй былаас туру-гуран, колхозтары тэрийии саҕана уолаттар атахтарыгар туран, колоз төһүү үлэһиттэрэ буолбуттара. Ийэлэрэ үөрэҕэ суох тыа сирин дьахтара буолан, күннээҕи олох-дьаһах кыһалҕатын быһаарсан,хотонун, сүөһүтүн көрөн, оҕолорун көрөн-истэн улаатыннарбыта.Талбыт курдук, уолаттара бөдөҥ-садаҥ, күүстээхуохтаах, байанайдаах булчут, сорсуннаах сонордьут этилэр. Оҕолор олохторун оҥостон, бары тус-туһунан алаастарынан дьиэ-уот туттан, буруо таһаарынан ыал-күүс буолан олорбуттара. Бу олоҕу саҥа билэн эрэр, оту-маһы тардан көрөр эдэр-чэгиэн саастарыгар сылдьар колхоз туруу үлэһиттэрин инники дьылҕаларын уоттаах сэрии уот холоруга таҥнары сөрөөбүтэ. Биир ийэттэн-аҕаттан төрөөбүт сэттэ ини-бии уолаттар сэриигэ ыҥырыллыылара сэдэх түбэлтэ. Кинилэртэн түөрт уол кыргыһыы хонуутуттан төннүбэтэҕэ.
https://e.uacbs.ru/cbselib/kraeved/VOV/Kyajyyny_ushansymybyk_ytyk_ijeler/mobile/index.html#p=128
Румянцев Егор Дмитриевич-1 (1900-1966 сс.) 1944 сыллаахха сэриигэ барарга бэбиэскэ туппута. Империалистическай Японияны утары сэриигэ кыттыбыта. “Хорсунун иһин”, «Японияны Кыайыы иһин» мэтээллэрдээх, 1946 сыллаахха этэҥҥэ дойдутугар эргиллибитэ. Дьоҕурдаах сылгыһыт, ат айааһааччыбыһыытынан биллибитэ. Кыраҕы харахтаах сааһыт буолан уос номоҕор киирбитэ. Сэрии иннинэ, саас хаар үөрэ түспүтүгэр оччотооҕу айаҕынан иитиллэр доруоп саанан биир ытыынан 12 хааһы охторбута кэп-
сэлгэ сылдьара. Элбэх оҕолонон-урууланан аҕа дьолун билбитэ. https://bpolk.uacbs.ru/index.php/ru/voiny-ust-aldanskogo-ulusa/36-ospjokhskij-nasleg/2633-rumyantsev-egor-dmitrievich-i
Николай (1901-1943 сс.) бырааттарынаан Алексейдыын (1917-1944 сс.) уонна Иннокентийдыын (1921-1942 сс.)1942 сыллаахха бэс ыйыгар сэриигэ аттаммыттар уонна төрөөбүт түөлбэлэригэр төннүбэтэхтэр.
Егор Дмитриевич-Н - Хоһоччуй (1911-1975 сс.) 1943 сыллаахха сэриигэ барарга бэбиэскэ туппута. 1945 сыллаахха этэҥҥэ дойдутугар эргиллибитэ. https://bpolk.uacbs.ru/index.php/ru/voiny-ust-aldanskogo-ulusa/36-ospjokhskij-nasleg/2663-rumyantsev-egor-dmitrievich-ii-2
Григорий-Моотоон (1915-1959 сс.) 1941 сыллаахха иккис хомуурга фроҥҥа барбыта. 1943 сыллаахха бааһыран дойдутугар эргиллибитэ, хас да мэтээллээҕэ. Хорсун буойун элбэх оҕолоох, сиэннэрдээх https://bpolk.uacbs.ru/index.php/ru/voiny-ust-aldanskogo-ulusa/32-nayakhinskij-nasleg/1044-rumyantsev-grigorij-dmitrievich
Алексей (1917-1944 сс.)убайдарынаан Николайдыын (1901-1943 сс.) уонна Иннокентийдыын (1921-1942 сс.) 1942 сыллаахха бэс ыйыгар сэриигэ аттаммыттар уонна төрөөбүт түөлбэлэригэр төннүбэтэхтэр. https://bpolk.uacbs.ru/index.php/ru/voiny-ust-aldanskogo-ulusa/36-ospjokhskij-nasleg/2632-rumyantsev-aleksej-dmitrievich
Федор (1918-1942 сс.) Чыычаах Ыстапаана диэн киһи иитэ ылбыт, онон Сивцев Федор Степанович диэн буолбут. Сэриигэ
1941 сыллаахха барбыт уонна сураҕа суох сүппүт. Дьиэ-уот тэриммэккэ сылдьан барбыт.
Иннокентий (1921-1942 сс.) убайдарынаан Николайдыын (1901-1943 сс.) уонна Алексейдыын (1917-1944) 1942 сыллаахха бэс ыйыгар сэриигэ аттаммыттар уонна төрөөбүт түөлбэлэригэр төннүбэтэхтэр.
Сэттэ ини бии Румянцевтар.
https://youtu.be/mXKJ2_MQDcI?si=T34LJ5RqkcKFUQla