Уус - Алдан II Өспөх нэһилиэгэр Дьэгэтэк алаас илин баһынааҕы Аһык диэн күөлү тула икки бырааттыы Көстөкүүнэптэр - Хабырыыс уонна Өлөксөөн диэн үлэни-хамнаһы кыайыгас, хотуулаах үлэһиттэр, бэйэлэрин кыанар тэтиэнэх дьоннор олорбуттара. Олортон мин биэс уоллааҕын бэһиэннэрин Аҕа дойду көмүскэлигэр атаарбыт Хабырыыска уонна ийэлэрэ Мария туһунан ахтабын. Холкуостар тэриллиилэригэр Найахыга көһөн кэлэн олохсуй- буттара, ситэн-хотон холкуос төһүү үлэһиттэрэ буолбуттара, сорохторо олохторун дьолун булан, ыал буолуталаабыттара. Ол курдук олоххо тардыһыылара саҥардыы эрчимнэнэн, ийэлээх-аҕаларын астыннарыах курдук буолан эрдэхтэринэ, айдааннаах аан дойду 2-с сэриитэ ааҥнаан, атыйахтаах уулуу аймаабыта. Бу биэс уолун
бэһиэннэрин утуу-субуу сэриигэ хомуйбуттарыгар ийэлэрэ Маайа (Мария Григорьевна), аҕалара Хабырыыс төһөлөөх харах уутун тохпуттара буолуой?.. Маайа ону барытын уйан, Кыайыы буоларын туһугар холкуоһун үлэтиттэн илиитин араарбакка үлэлээбитэ. Былаанын аһара толортоон, хотуулаах ыанньыксыт бэрдэ этэ. https://e.uacbs.ru/cbselib/kraeved/VOV/Kyajyyny_ushansymybyk_ytyk_ijeler/mobile/index.html#p=77
Константинов Петр Гаврильевич 1907 сыллаахха Аһык алааска маҥнайгы оҕонон төрөөбүтэ, оскуола диэни билбэккэ улааппыта. Ол оннугар үлэҕэ эриллэн, кэлин холкуос хонуутун дэгиттэр үлэһитэ буолбута. Гоголева Варвара Дмитриевналыын холбоһон икки уол оҕоломмуттара. 1941 сыллаахха атырдьах ыйыгар быраата Еремейдиин маҥнайгы хомуурга Ийэ дойду көмүскэлигэр туруммута.1943 сыллаахха икки баттык тайахтаах, нэһиилэ хаамар I группалаах инбэлиит буолан дойдутугар эргиллибитэ. «Үөрэҕэ суох буолан олус да эрэйи көрдүм. Нууччалыы билбэт диэн баар эбит ол ус куһаҕан», — диэн муҥатыйбыт. Ол курдук, ханнык сиргэ,хайа чааска уоттаах сэриигэ кыргыспытын билбэт эбит. Бииргэ барбыт дьонноро Улуу Москваны көмүскээбиттэриттэн сылыктаатахха, кини да ол онно кыттыбыт буолуохтаах. Дойдутугар кэлэн, төһө да кыайан хаампатар, олорон эрэн отчуттарга кыраабыл, атырдьах оҥорон, сыарҕа ылахтаан, көмө буо-
ла сатыыра. Ол эрээри ыарахан бааһырыыта таайан, 1962 сыллаахха күн сириттэн күрэммитэ. https://bpolk.uacbs.ru/index.php/ru/voiny-ust-aldanskogo-ulusa/32-nayakhinskij-nasleg/1022-konstantinov-petr-gavrilevich
Константинов Еремей Гаврильевич. Гаврил Филиппович уонна Мария Григорьевна Константиновтар иккис оҕолоро 1912 сыллаахха Аһык алааска күн сирин көрбүтэ. 1941 сыллаах аймалҕан саҕана 29 саастаах, сиппит-хоппут, Алдан көмүһүн күүрээннээхүлэтигэр буспут-хаппыт этэ. Киһи быһыытынан бэрт холку, сэмэй, уурбут-туппут курдук туттуулаах, мас кэрдиитигэр, от охсуутугар, от кэбиһиитигэр оччотооҕу стахановскай хамсааһыҥҥа кыттара. Кини 1941 сыллаахха атырдьах ыйын 12 күнүгэр убайа Бүөтүрдүүн бииргэ ыҥырыллыбыттара. Убайыгар холоотоххо, наадатын суруйар, ааҕар, нууччалыы да кэпсэтэр дьоҕурдаах эрээри, биир да суругу торумнаабакка, ууга тааһы бырахпыт курдук мэлийбитэ. «Өйдөбүнньүк» кинигэ 197 сирэйигэр сурулларынан, 1942 с. Москва анныгар охтубут эбит. https://bpolk.uacbs.ru/index.php/ru/voiny-ust-aldanskogo-ulusa/32-nayakhinskij-nasleg/1208-konstantinov-eremej-gavrilevich
Константинов Михаил Гаврильевич. 1919 сыллаахха Аһык алааска окко түһэр оҥорууламмыта. Үс кылаас үөрэхтээҕэ. Кэлин Чкалов аатынан холкуос маҥнайгы комсомолеһа. Кини кыра уҥуохтаах эрээри, бэйэтигэр сөп эттээх-сииннээх, силиргэх курдук киһи буола үүммүтэ. Убайа Еремей курдук тустарын сөбүлүүрэ. Сытыы быраҕыылаах, халбархай тустуук этэ. Михаил оройуоннааҕы комсомольскай тэрилтэ рекомендациятынан II Суотту нэһилиэгэр (билиҥҥи Тумул с.) Ааҕар балаҕан сэбиэдиссэйинэн ананан үлэлии олорон, 1942 сыллаахха германскай фашизмы утары сэриигэ аттаммыта. Ол баран кыргыс хонуутугар тиийбэккэ, аара айаҥҥа ыалдьан өлбүт.Кини кэргэннэммэккэ, олох тэриммэккэ да хаалбыта хомолтолоох. https://bpolk.uacbs.ru/index.php/ru/voiny-ust-aldanskogo-ulusa/32-nayakhinskij-nasleg/1210-konstantinov-mikhail-gavrilevich
Константинов Роман Гаврильевич. 1922 сыллаахха төрдүс оҕонон төрөөбүтэ. Өспөх оскуолатыгар үөрэнэн баран Дүҥсүҥҥэ тахсан бэһис кылааһы бүтэрээт тохтообута. Оччотооҕу оҕолор курдук холкуос араас үлэтигэр улахан дьону кытта бииргэ сылдьыһара. 1943 сыллаахха бэбиэскэ тутан илин эҥэргэ сулууспалыы сылдьан, империалистическай Японияны үлтүрүтүүгэ кыттыбыта. Сэрии кэннэ дойдутугар тиэтэйбэккэ Читинскэй уобаласка, кэлин Бурятияҕа олохсуйбута https://bpolk.uacbs.ru/index.php/ru/voiny-ust-aldanskogo-ulusa/32-nayakhinskij-nasleg/1232-konstantinov-roman-gavrilevich
Константинов Егор Гаврильевич. Бырааттыылартан саамай кыралара, бэһистэрэ 1925 сыллаахха төрөөбүтэ. Найахытын начальнай оскуолатын бүтэрэн баран, Дүпсүҥҥэ V кылааска үөрэммитэ уонна, ырааҕа да бэрдинэн буолуо, кыайан салгыы үөрэммэтэҕэ. Эмиэ холкуоһугар үлэлээбитэ.1944 сыллаахха Советскай Армияҕа ыҥырыллыбыта. Забайкальскай байыаннай уокурукка Читинскэй уобалаһынан, МНР-нан сулууспалаан баран, Япония границатыгар харабылгасулууспалыы сырыттаҕына, японскай империалистары утары сэрии буолан, Егор Манчжуриянан сэриигэ киирэн Кыайыыны Кытай сиригэр көрсүбүтэ. Сэрии кэнниттэн Забайкальскай байыаннай уокурукка 1951 сылга диэри сулууспалаабыта. https://bpolk.uacbs.ru/index.php/ru/voiny-ust-aldanskogo-ulusa/32-nayakhinskij-nasleg/1205-konstantinov-egor-gavrilevich-2