Александра Акимовна түөрт уола, икки күтүөтэ Копырин Егор Никандрович, Тролуков Гаврил Семенович фашистскай халабыр-дьыттар саба түспүттэригэр төрөөбүт төрүт буордарыттан арахсан, Ийэ дойдуларын көмүскүү барбыттара. https://e.uacbs.ru/cbselib/kraeved/VOV/Kyajyyny_ushansymybyk_ytyk_ijeler/mobile/index.html#p=110
Орлов Семен Иванович (1904-1943 сс.) “Кыһыл Маяк” төһүү үлэһитэ сэриигэ барар бэбиэскэни 1942 с. от ыйын 24 күнүгэр туппута. Ханнык чааска сылдьыбыта биллибэт. 1943 с. Калужскай уобаласка сэриилэһэ сылдьан өллө, Пузановка дэриэбинэҕэ көмүлүннэ диэн биллэрии кэлбит. https://bpolk.uacbs.ru/index.php/ru/voiny-ust-aldanskogo-ulusa/1718-orlov-semen-ivanovich
Орлов Михаил Иванович-II (1923-1974 сс.) “Кыһыл Маяк” холкуоска үөрэ-көтө эйэлээх олоҕу уһанса сылдьыбыта. Кыһыл Армия ньыгыл кэккэтигэр киирэн өстөөҕү утары хорсуннук кыргыспыта. Ини-бии Орловтартан алдьархайдаах сэрииттэн соҕотоҕун ордубута. Хомойуох иһин, кини туһунан докумуон суох. Ханан сэриилэспитэ биллибэт, кыайыы кэнниттэн Свердловскай куоракка олохсуйбут, заводка үлэлээбит. https://bpolk.uacbs.ru/index.php/ru/voiny-ust-aldanskogo-ulusa/1741-orlov-mikhail-ivanovich-ii
Орлов Михаил Иванович-1 (1915-1943 сс.) “Кыһыл Маяк” холкуос чилиэнэ. 1943 сыл сураҕа суох сүппүт. https://bpolk.uacbs.ru/index.php/ru/voiny-ust-aldanskogo-ulusa/1719-orlov-mikhail-ivanovich-i
Орлов Егор Иванович (1925-1943 сс.) уон аҕыс сааһын туолаат, сэриигэ барбыт. Сэрии уот толоонугар суоһар киирсиигэ ыараханнык бааһырбыт. Госпиталга сытан суруйбут “Аттыбар снаряд эстэн, хаҥас өттүбүн үлтү тэптэ. Хаҥас харахпыттан мэлийдим,
хаҥас илиим, атаҕым быһылынна”. Эдэркээн Егор ылбыт баастарыттан өрүттүбэккэ өлбүт. https://bpolk.uacbs.ru/index.php/ru/voiny-ust-aldanskogo-ulusa/1720-orlov-egor-ivanovich