Андросов Гаврил Иванович

(1917-1941)

     1917 сыллаахха Тандинскай нэһилиэгэр тɵрɵɵбʏт. 1938 сыллаахха Танда оскуолатын бʏтэрэн Дьокуускайга Политпросвет оскуолаҕа ʏɵрэнэ сылдьан, национальнай байыаннай оскуолаҕа ылыллыбыт. Омскайга Фрунзе аатынан байыаннай училищены 1941 сыл ыам ыйыгар бʏтэрбит. Лейтенант званиетын ылбыт. бʏтэһиккэ 29.05.41 диэн бэлиэтээбит. Сураҕа суох сʏппʏт.

Вензель Александр Алексеевич

(1921-1943)

       Колхозка ʏлэлии сылдьан 1942 сыллаахха эриигэ барбыт. 1943 сыллаахха сэриигэ сураҕа суох сʏппʏт.

 

Вензель Афанасий Евсеевич

(1914-1943)

     1914 сыллаахха тɵрɵɵбʏт. «Кыттаайы» колхоз чилиэнэ. 1941 сыл атырдьах ыйын 17 кʏнʏгэр сэриигэ ыӊырыллан барбыт. 1943 сыллаахха сэриигэ ɵлбʏт.

Вензель Илья Евсеевич

(1917-1941)

     1917 сыллаахха «Ааҕый алааһыгар» Буордаах Сурт диэн ʏрэххэ тɵрɵɵбʏт. «Кыһыл Танда» колхоз чилиэнэ. 1941 сыллаахха сэриигэ ыӊырыллан барбыт. Ити сыл Ленинград оборонатын кыргыһыыларыгар сырдык тыынын толук уурбут.

Винокуров Власий Иосифович

(1910-1943)

     1910 сыллаахха Байаҕантай нэһилиэгэр тɵрɵɵбʏт. 1943 сыллаахха сэриигэ ыӊырыллан барбыт. 1943 сыл балаҕан ыйыгар ɵлбʏт. Кɵмʏллʏбʏт сирэ биллибэт.

Винокуров Григорий Илларионович

(1910-1942)

     1910 сыллаахха Тандинскай нэһилиэк Тандатыгар тɵрɵɵбʏт. «Табалаах» колхоз чилиэнэ. Сэриигэ ыӊырыллан барбыт. 1942 сыллаахха сэриигэ сураҕа суох сʏппʏт.

Винокуров Иван Илларионович

(1913-1944)

   1913 сыллаахха Тандинскай нэһилиэк Тандатыгар тɵрɵɵбʏт. «Табалаах» колхоз чилиэнэ. Сэриигэ 10.06.44 сыллаахха ыӊырыллан барбыт. 1944 сыллаахха Киев туһаайыытыгар сураҕа суох сʏппʏт.

Готовцев Алексей Васильевич

(1918-1942)

   1918 сыллаахха Тандаҕа тɵрɵɵбʏт. Сэриигэ 15.06.42 сыллаахха ыӊырыллан барбыт. 1942 сыллаахха Старай Русса оройуонугар сураҕа суох сʏппʏт.

Готовцев Василий Степанович II

(1910-1943)

   1910 сыллаахха Тохороон алааска тɵрɵɵбʏт. «Кыттаайы» колхоз чилиэнэ. 1941 сыл атырдьах ыйыгар сэриигэ ыӊырыллан барбыт. 1943 сыл балаҕан ыйыгар сураҕа суох сʏппʏт.

Готовцев Гаврил Иванович

(1915-1942)

   1915 сыллаахха Тандаҕа тɵрɵɵбʏт. Танда оскуолатын биир бастакы пионера уонна комсомолеһа. 1937 сыллаахха Алдан куорракка горнай техникуму ʏɵрэнэн бʏтэрэн баран, Алдаӊӊа хайа инженерынан ʏлэлээбит. Сэриигэ 12.08.41 сыллаахха ыӊырыллан барбыт. 1942 сыллаахха Москва анныгар ɵлбʏт, кɵмʏллʏбʏт сирэ биллибэт.

Готовцев Гаврил Петрович

(1914-1942)

     1914 сыллаахха Байаҕантай нэһилиэгэр тɵрɵɵбʏт. 1941 сыллаахха атырдьах ыйын 12 кʏнʏгэр сыллаахха сэриигэ ыӊырыллан барбыт. 1942 сыллаахха Москва анныгар сураҕа суох сʏппʏт.

Готовцев Иван Алексеевич

(1918-1943)

     1918 сыллаахха Тандаҕа тɵрɵɵбʏт. «Кыһыл Танда» колхоз чилиэнэ. Фроӊӊа барыан иннинэ мясомолпромӊа ʏлэлээбит. Сэриигэ 1942 сыллаахха ыӊырыллан барбыт. 1943 сыллаахха сураҕа суох сʏппʏт.

Готовцев Илья Петрович

(1915-1942)

     1915 сыллаахха Тандаҕа тɵрɵɵбʏт. Сэриигэ ыӊырыллан барбыт. 1942 сыллаахха Москва анныгар сэриигэ ɵлбʏт, кɵмʏллʏбʏт сирэ биллибэт.

Готовцев Иван Михайлович

(1910-1943)

     1910 сыллаахха Байаҕантай нэһилиэгэр тɵрɵɵбʏт. Сэриигэ ыӊырыллан барбыт. 1943 сыллаахха сураҕа суох сʏппʏт.

Готовцев Иннокентий Матвеевич

(1905-1942)

     1905 сыллаахха Тандаҕа тɵрɵɵбʏт. «Сулус» колхоз чилиэнэ. Сэриигэ 12.08.41с. ыӊырыллан барбыт. 1942 сыллаахха Смоленскай туһаайыытынан сураҕа суох сʏппʏт.

Готовцев Инннокентий Петрович

(1905-1941)

     1905 сыллаахха Тандаҕа тɵрɵɵбʏт. Сэриигэ 12.08.41с. Убаһалаахха биригэдьииринэн ʏлэлии олорон ыӊырыллан барбыт. Колхоз бастакы ударнига, стахановеһа. Сураҕа суох сʏппʏт.

Готовцев Константин Кузьмич

(1904-1942)

     1904 сыллаахха Тандинскай нэһилиэккэ Тандыгыга тɵрɵɵбʏт. «Табалаах» колхоз чилиэнэ. Бастыӊ стахановец, ударник буолбут. Сэриигэ бастакы хомуурга ыӊырыллан барбыт. 1942 сыллаахха Ленинград чугаһынааҕы уобаласка сырдык тыына быстыбыт.

Готовцев Николай Васильевич

(1917-1942)

     1917 сыллаахха Тандаҕа тɵрɵɵбʏт. Сэриигэ 12.08.41с. ыӊырыллан барбыт. 1942 сыллаахха сураҕа суох сʏппʏт.

Готовцев Николай Евсеевич

(1914-1943)

     1914 сыллаахха Тандинскай нэһилиэгэр тɵрɵɵбʏт. Тааттаҕа «Кутаама» колхозка ʏлэлээбит. 1941 сыллаахха сэриигэ ыӊырыллан барбыт. 1943 сыл от ыйын 12 кʏнʏгэр кыргыһыы толоонугар охтубут.

Готовцев Николай Николаевич

(1903-1943)

     1903 сыллаахха Тандинскай нэһилиэккэ Тандыгыга тɵрɵɵбʏт. Гражданскай сэрии кэмигэр Уолба дружинатыгар кыһыл этэрээт байыаһынан сылдьыбыт. 12.08.41 сыллаахха Аҕа дойду сэриитигэр ыӊырыллан барбыт. 1943 сыллаахха Сталинград таһыгар сураҕа суох сʏппʏт.

Готовцев Петр Иванович

(1912-1943)

     1912 сыллаахха Тандаҕа тɵрɵɵбʏт. 1942 сыллаахха сэриигэ ыӊырыллан барбыт. 1943 сыллаахха сураҕа суох сʏппʏт.

Готовцев Петр Васильевич II

     Байаҕантай нэһилиэгэр тɵрɵɵбʏт. «Кыһыл Танда» колхоз чилиэнэ. Тʏʏлээххэ учууталлаабыт. Сэриигэ баран ɵлбʏт.

Готовцев Степан Иннокентьевич – Кучучкаан

(1923-1943)

     1923 сыллаахха тɵрɵɵбʏт. Мʏрʏгэ 8-с кылааһы ʏɵрэнэн бʏтэрбит. «Сулус» колхоз чилиэнэ. Улахан дьону ааҕарга, суруйарга ʏɵрэппит. 1941 сыллаахха комсомольскай тэрилтэ секретарынан ʏлэлии сылдьан сэриигэ барбыт. 1943 сыллаахха сураҕа суох сʏппʏт.

Готовцев Степан Петрович

(1910-1942)

     1910 сыллаахха Тандаҕа тɵрɵɵбʏт. 12.08.1941 сыллаахха сэриигэ ыӊырыллан барбыт. 1942 сыллаахха сураҕа суох сʏппʏт.

Готовцев Федот Николаевич

(1902-1943)

     1902 сыллаахха Тандаҕа тɵрɵɵбʏт. Уус – Алдан оройуонун типографиятын аан бастакы директора этэ. Оройуон хаһыатын тɵрʏттэспит киһи буолар. 1942 сыллаахха сэриигэ ыӊырыллан барбыт. 1943 сыллаахха Ростов куорат анныгар сэриигэ ɵлбʏт, кɵмʏллʏбʏт сирэ биллибэт.

Дьячковскай Егор Константинович

(1916-1943)

     1916 сыллаахха Байаҕантай нэһилиэгэр тɵрɵɵбʏт. 1942 сыллаахха сэриигэ ыӊырыллыбыт. 1943 сыл балаҕан ыйыгар сэриигэ ɵлбʏт, кɵмʏллʏбʏт сирэ биллибэт.

Иванов Иван Матвеевич

(…-1942)

     Байаҕантай нэһилиэгэр тɵрɵɵбʏт, сэриигэ ыӊырыллыбыт. 1942 сыл алтынньыга сэриигэ ɵлбʏт, кɵмʏллʏбʏт сирэ биллибэт.

Калининскай Василий Семенович

(1920-1943)

     1920 сыллаахха Тандаҕа Тандинскай нэһилиэккэ тɵрɵɵбʏт. Танда оскуолатыгар учууталынан ʏлэлээбит. 1943 сыллаахха Орловскай туһаайыыга сураҕа суох сʏппʏт.

Колодезников Егор Николаевич

(1908-1942)

     1908 сыллаахха тɵрɵɵбʏт. «Табалаах» колхоз чилиэнэ, суотчут этэ. Сэриигэ ыӊырыллан барбыт. 1942 сыллаахха сураҕа суох сʏппʏт.

Колодезников Егор Петрович I

(1914-1942)

     1914 сыллаахха Тандинскай нэһилиэгэр тɵрɵɵбʏт. Танда оскуолатыгар ʏɵрэммит. Оройуон киинигэр Бороҕоӊӊо салайар ʏлэҕэ ʏлэлии сылдьан сэрии саҕаламмытыгар фроӊӊа 1942 сыл олунньу бʏтʏʏтʏгэр тылланан барбыт. Ити сыл сэриигэ ɵлбʏт.

Колодезников Иван Гаврильевич

(1914-1943)

     1914 сыллаахха Бэрт-Ууһун нэһилиэгэр тɵрɵɵбʏт. Танда сэттэ кылаастаах оскуолатыгар математик учууталынан ʏлэлээбит. Сэриигэ ыӊырыллан барбыт. 1943 сыллаахха хорсуннук сэриилэһэ сылдьан охтубут.

Колодезников Иван Михайлович

(1922-…)

     1922 сыллаахха Тандаҕа тɵрɵɵбʏт. Сэттэ кылаас ʏɵрэхтээх. Ликбезкэ улахан дьону ааҕарга-суруйарга ʏɵрэппит. 1942 сыл атырдьах ыйыгар Суоттуга почтаҕа ʏлэлии сылдьан фроӊӊа ыӊырыллан барбыт. Сэриигэ ханна ɵлбʏтэ, кɵмʏллʏбʏт сирэ биллибэт.

Корякин Иннокентий Иванович

(1918-1941)

     1918 сыллаахха Тандинскай нэһилиэгэр тɵрɵɵбʏт. «Кыһыл Танда» колхоз чилиэнэ, хонуу ʏлэһитэ, ʏɵрэммэтэх. Сэриигэ Билиртэн 1941 сыл бэс ыйыгар барбыт уонна Москва анныгар сураҕа суох сʏппʏт.

Неустроев Семен Семенович

(1910-1943)

     1910 сыллаахха Байаҕантай нэһилиэгэр тɵрɵɵбʏт. Улахан дьону ʏɵрэтэр оскуолаҕа ʏɵрэнэн ааҕар-суруйар буолбут. 1930 сылтан «Табалаах» колхозка чилиэнинэн киирбит. Табельщигынан, хонуу биригэдьииринэн, 1937 сылтан колхоз председателинэн ʏлэлээбит. 1941 сыллаахха сэриигэ ыӊырыллан барбыт. 1943 сыллаахха Ленинград сураҕа суох сʏппʏт.

Окоемов Петр Николаевич

(1920-1942)

     1920 сыллаахха Тандинскай нэһилиэгэр тɵрɵɵбʏт. «Сулус» колхоз чилиэнэ. Кладовщигынан ʏлэлии сылдьан 1941 сыллаахха атырдьах ыйын 12 кʏнʏгэр сэриигэ ыӊырыллыбыт. 1942 сыллаахха Смоленскай сиригэр сураҕа суох сʏппʏт.

Орлов Захар Иванович

(1918-194…)

     1918 сыллаахха Хоро нэһилиэгэр тɵрɵɵбʏт. «Кыттаайы» колхозка ʏлэлии сылдьан 15.08. 1941 сыллаахха сэриигэ ыӊырыллыбыт. Сэриигэ сураҕа суох сʏппʏт.

Охлопков Федор Михайлович

   Байаҕантай нэһилиэгэр тɵрɵɵбʏт. Сэриигэ сураҕа суох сʏппʏт.

Павлов Иван Иванович

(1913-1941)

     1913 сыллаахха тɵрɵɵбʏт. «Кыттаайы» колхоз чилиэнэ. Ликбезкэ ӊɵрэнэн ааҕар, суруйар буолбут. 15.08. 1941 сыллаахха армияҕа ыӊырыллыбыт. Москва куорат кɵмʏскэлигэр сэтинньигэ ʏстэ кыргыһыыга киирбит. Сэтинньи 18 кʏнʏгэр Муромӊа госпитальга сытан ахсынньы 5 кʏнʏгэр убайыгар суруйбут. 1941 сыллаахха ɵлбʏт. Михнево селоҕа кɵмʏллʏбʏт. Оройуона, уобалаһа чуолкайдамматах.

Пикин Степан Филиппович

(1914-1942)

     1914 сыллаахха Мордовскай АССР-га тɵрɵɵбʏт. 1940 сыл балаҕан ыйын 25 кʏнʏгэр Мордовскай АССР-тан Уус-Алдан оройуонунааҕы «Кыһыл Танда» колхозка 7 хаһаайыстыба кɵһɵн кэлбиттэр. 12.08.42с. сэриигэ ыӊырыллыбыт. 1942 сыллаахха сураҕа суох сʏппʏт.

Платонов Илья Иванович

(1916-1943)

     1916 сыллаахха Тандаҕа тɵрɵɵбʏт. Сэриигэ 12.08.1941с. ыӊырыллан барбыт. 1943 сыллаахха сураҕа суох сʏппʏт.

Посельскай Дмитрий Семенович

(1918-1942)

     1918 сыллаахха I Байаҕантайга тɵрɵɵбʏт. 27.06.1942 сыллаахха сэриигэ ыӊырыллан барбыт. 1942 сыллаахха Ильмень кʏɵл оройуонугар сураҕа суох сʏппʏт.

Посельскай Федор Еевсеевич

(1914-1943)

     1914 сыллаахха Байаҕантай нэһилиэгэр тɵрɵɵбʏт, 1943 сыллаахха Орел куорат таһыгар сэриигэ ɵлбʏт.

Титов Дмитрий Дмитриевич

(1914-1941)

     1914 сыллаахха тɵрɵɵбʏт, 1941 сыллаахха Киров куоракка ɵлбʏт, кɵмʏллʏбʏт сирэ биллибэт.

Тордуянов Семен Иванович

(1913-1942)

     1913 сыллаахха Тандинскай нэһилиэгэр тɵрɵɵбʏт. 4 кылаас ʏɵрэхтээх. Колхоз биир бастыӊ ʏлэһитэ. 1941 сыллаахха атырдьах ыйын 12 кʏнʏгэр сэриигэ ыӊырыллыбыт. 1942 сыллаахха Калужскай уобаласка Яснай Поляна оройуонугар сураҕа суох сʏппʏт.

Трулин Михаил Петрович

(1918-1942)

     1918 сыллаахха Байаҕантай нэһилиэгэр тɵрɵɵбʏт, сэриигэ ыӊырыллыбыт. 10.02.1942 сыллаахха ɵлбʏт, кɵмʏллʏбʏт сирэ биллибэт.

Шапов Дмитрий Дмитриевич

(1905-1941)

     1905 сыллаахха Байаҕантай нэһилиэгэр тɵрɵɵбʏт. «Табалаах» колхоз чилиэнэ. 1941 сыллаахха атырдьах ыйын 12 кʏнʏгэр сэриигэ ыӊырыллыбыт. 1941 сыллаахха Новгород туһаайыытыгар сураҕа суох сʏппʏт.