Аманатов Илья Михайлович

1912 сыллаахха Баатаҕай нэһилиэгэр тɵрɵɵбʏт. Армияҕа ыӊырыллан барбыт. 1944 сыллаахха ɵлбʏт. Кɵмʏллʏбʏт сирэ биллибэт.

Готовцев Пантелеймон Федорович

1919 сыллаахха Баатаҕай нэһилиэгэр төрөөбүт. 1942 с. бэс ыйын 28 күнүгэр Чурапчы военкоматынан армияҕа ыҥырыллыбыт. 1943 сыл олунньу ыйыгар сураҕа суох сүппүт. 

Лазарев Спиридон Кузьмич

1910 сыллаахха Баатаҕай нэһилиэгэр тɵрɵɵбʏт. 1942 сыллаахха бэс ыйын 15 кʏнʏгэр ыӊырыллыбыт. 1944 сыллаахха алтынньыга сэриигэ ɵлбʏт. Ханна ɵлбʏтэ, кɵмʏллʏбʏт сирэ биллибэт.

Романов Николай Иванович

1903 сыллаахха II Ɵспɵх нэһилиэгэр тɵрɵɵбʏт. Ликбезкэ ʏɵрэнэн ааҕар, суруйар буолбут. 1928 сылга диэри тыа хаһаайыстыбатыгар араас ʏлэлэргэ ʏлэлиир. 1941с. бэс ыйыгар армияҕа ыӊырыллан барбыт. Харьков куораты босхолооһуӊӊа сэриилэһэ сылдьан 1944 сыллаахха сураҕа суох сʏппʏт.

Румянцев Петр Афанасьевич

1917 сыллаахха Баатаҕай нэһилиэгэр төрөөбүт. 1942 сыллаахха Чурапчы военкоматынан армияҕа ыҥырыллыбыт. 1948 сыллаахха сураҕа суох сүппүт. 

Семенов Петр Кузьмич

1910 сыллаахха Баатаҕай нэһилиэгэр тɵрɵɵбʏт. 1941 сыл бэс ыйын 20 кʏнʏгэр сэриилэһэр армияҕа ыӊырыллыбыт. 1944 сыллаахха сэриигэ ɵлбʏт. Ханна кɵмʏллʏбʏт сирэ биллибэт.

Сивцев Иннокентий Яковлевич 

Төрөөбүт сыла биллибэт. 1941 сыллаахха атырдьах ыйыгар армияҕа ыҥырыллыбыт. Ханна өлбүтэ, ханна көмүллүбүтэ биллибэт. 

Сивцев Петр Андреевич

1910 сыллаахха Баатаҕай нэһилиэгэр төрөөбүтэ. 1941 сыллаахха атырдьах ыйын 12 күнүгэр аармыйаҕа Чурапчы военкоматынан ыӊырыллыбыт. 1943 сыллаахха сураҕа суох сүппүт.

Сивцев Семен Иннокентьевич

1914 сыллаахха Баатаҕай нэһилиэгэр тɵрɵɵбʏт. Армияҕа ыӊырыллыбыт. Сураҕа суох сʏппʏт. Ханна кɵмʏллʏбʏт сирэ биллибэт.

Ушницкай Афанасий Павлович

1915 сыллаахха Баатаҕай нэһилиэгэр тɵрɵɵбʏт. Комсомол чилиэнэ, совекка секретарынан ʏлэлии сылдьан 1941 сыллаахха армияҕа ыӊырыллыбыт. 1941 сыллаахха ахсынньы ыйга ɵлбʏт. Кɵмʏллʏбʏт сирэ биллибэт.

Ушницкий Василий Павлович

1922 сыллаахха Баатаҕай нэһилиэгэр тɵрɵɵбʏт. Молотов аатынан колхозка чилиэнинэн киирбит, араас ʏлэҕэ ʏлэлээбит. 1941 сыллаахха атырдьах ыйын 12 кʏнʏгэр армияҕа ыӊырыллыбыт. 1942 сыл балаҕан ыйыгар ɵлбʏт. Кɵмʏллʏбʏт сирэ биллибэт.