ТЭРЭЭҺИНИ ИИЛЭЭН-САҔАЛААН ЫЫТТА МҮРҮ №1 ОСКУОЛА АЛЫН КЫЛААҺЫН УЧУУТАЛА Е.В. ВАСИЛЬЕВА. БУ КҮН ОЛ САҔАНААҔЫ "КАТЮША", "СМУГЛЯНКА", "ЖУРВАЛИ", "СИНИЙ ПЛАТОЧЕК" УО.Д.А. ҮҤКҮҮЛЭР ҮҤКҮҮЛЭННИЛЭР. БААЛГА КЫТТЫЫНЫ ЫЛЛЫЛАР 90 СААСТААХ ГОТОВЦЕВА ЕКАТЕРИНА СЕМЕНОВНА, "АЛГЫС" (САЛ. Т.Л. ЛАРИОНОВА), "ВИКТОРИЯ ДЭНС" (САЛ. М. ФОМИНА), "КҮНДҮЙЭ" (САЛ. Л.В. АРГУНОВА) ҮҤКҮҮ БӨЛӨХТӨРӨ, "КҮНДҮҮНЭ" ТҮМСҮҮ (САЛ. А.Г. МИГАЛКИНА, ХОР. О.С. ПЕТРОВА), "КҮНЧЭЭНЭ" ОҔО УҺУЙААНЫН ҮҤКҮҮ КОЛЛЕКТИВА (САЛ. А.С. КИРИЛЛОВА), "МҮРҮЧЭЭНЭ" ОҔО УҺУЙААНЫН ҮҤКҮҮ КОЛЛЕКТИВА (САЛ. А.Н. ДАВЫДОВА) УОННА "САНДААР" МҮРҮ №2 ОСКУОЛА ҮҤКҮҮ КОЛЛЕКТИВА (САЛ. У.П. НОГОВИЦЫНА). ОНУ ТАҺЫНАН "СИККИЭР" (САЛ. С.Н. ЛУКОВЦЕВ) ИНСТРУМЕНТАЛЬНАЙ АНСААМБЫЛ ДОҔУҺУОЛУНАН "СЫДЬААЙА" ВОКАЛЬНАЙ АНСААМБЫЛ "ХАЙЫҺАР" ДИЭН ЫРЫАНАН ТЭРЭЭҺИНИ АРЫЙБЫТТАРА.
ТЭРЭЭҺИҤҤЭ ЫТЫК МААНЫ ЫАЛДЬЫТТАРЫНАН БУОЛЛУЛАР СЭРИИ КЭМИН ОҔОЛОРО УОННА ТЫЫЛ БЭТЭРЭЭННЭРБИТ. ЭДЭР СААСТАРЫН САНАТАР ОЛ САҔАНААҔЫ ҮҤКҮҮЛЭРИ КӨРӨН, БЭЙЭЛЭРЭ ҮҤКҮҮЛЭҺЭН СҮРГЭЛЭРЭ КӨТӨҔҮЛҮННЭ ДИЭТЭХПИТИНЭ СЫЫСПАППЫТ БУОЛУО. ОНУ ТАҺЫНАН, "ДЬОЛ УЙАТА" (САЛ. В.Н. ШАДРИНА) ЭЛБЭХ ОҔОЛООХ ИЙЭЛЭР ТҮМСҮҮЛЭРЭ ЫТЫКТАБЫЛЛААХ БЭТЭРЭЭННЭРБИТИН МИННЬИГЭС БӨРҮӨГҮНЭН КҮНДҮЛЭЭТИЛЭР.
ТҮМҮККЭ ЫТЫКТАБЫЛЛААХ БЭТЭРЭЭННЭРБИТ, БАРЫ КЭЛБИТ ЫАЛДЬЫТТАР, КЫТТААЧЧЫЛАР КРАКОВЯК, ТУСТЕП, ПАДЕГРАС, ПАДЕСПАНЬ, КАТЮША, ФИГУРНАЙ ВАЛЬС ҮҤКҮҮЛЭЭН СААЛАНЫ БИИР ГЫНА ТЭЛЭҺИЙДИЛЭР. УЛУУ КЫАЙЫЫ 75 СЫЛЫГАР АНАММЫТ БААЛЫ МҮРҮ НЭҺИЛИЭГИН ДЬОНО-СЭРГЭТЭ ӨРӨ КӨТӨҔҮҮЛЭХТИК, ҮҤКҮҮ АЛЫПТААХ ЭЙГЭТИГЭР КУУСТАРАН КӨРҮСТЭ.