Дүпсүнтэн халыҥ 136 киһилээх делегация кэлэн улуус киинигэр араас тэрээһиннэри тэрийдэ. Ол курдук, «Дүпсүннэр сэрии сылларыгар» 1941-1945 сыллардааҕы сэрии кэминээҕи олоҕу көрдөрөр быыстапка буолла. Быыстапкаҕа бааллар - саллааттар тутта сылдьыбыт иһиттэрэ уонна маллара, Дүпсүннэр кинигэҕэ,хаһыакка тахсыылара, Дүпсүннэр Аҕа Дойду Улуу сэриитигэр кылааттара. Ону таһынан «Улуу кыайыы өрөгөйө олоҥхонон» диэн уус- уран дьүһүйүүнү Дүпсүн олохтоохторо олус итэҕэтиилээхтик туруоран көрдөрдүлэр.