Бурцев Афанасий Данилович
(1915-1942)
1915 сыллаахха Хоро нэһилиэгэр, Хатыӊ Сыһыыга тɵрɵɵбʏт. Биир бастакынан колхозтары тэрийсиигэ кыттыбыт. Колхознай оскуолаҕа ʏɵрэнэн «Хатыӊ Сыһыы» колхозка суотчуттаабыт. 1942 сыл атырдьах ыйын 28 кʏнʏгэр армияҕа ыӊырыллан барбыт. Курскай туһаайыытынан 1942 сыллаахха сураҕа суох сʏппʏт.
Егоров Егор Михайлович
(1913-194…)
1913 сыллаахха Чурапчы Бахсытыгар тɵрɵɵбʏт. Томторго ШКМ-ы бʏтэрбит. «Кыһыл агроном» колхозка суотчуттаабыт. 1941 сыл балаҕан ыйын 2 кʏнʏгэр армияҕа ыӊырыллан барбыт. Москва анныгар ɵлбʏт.
Карамзин Василий Лазаревич
(1921-194…)
1921 сыллаахха тɵрɵɵбʏт. Тɵрдɵ Лɵгɵй, Хоро нэһилиэгэ эбит. 1944 сыл бэс ыйын 29 кʏнʏгэр армияҕа ыӊырыллан барбыт. Старай Руссоҕа Смоленскай уобаласка ɵлбʏт.
Крылов Дмитрий Алексеевич
(1919-1943)
1919 сыллаахха Хоро нэһилиэгэр Киэӊ алааска тɵрɵɵбʏт. «Хатыӊ Сыһыы» колхозка биригэдьииринэн ʏлэлээбит. Ликбез ʏɵрэхтээх. Ƴп агенствотыгар ʏлэлии сылдьан, 1942 сыл бэс ыйын 25 кʏнʏгэр армияҕа ыӊырыллан барбыт. Арҕаа сэриигэ баран 1943 сыл муус устар 25 кʏнʏгэр ɵлбʏт. Кɵмʏллʏбʏт сирэ биллибэт.
Крылов Иннокентий Михайлович
(1920-1942)
1920 сыллаахха Хоро нэһилиэгэр Киэӊ алааска тɵрɵɵбʏт. Чараӊ начальнай оскуолатын 3-с кылааһын бʏтэрбит. «Хатыӊ Сыһыы» колхозка хонуу ʏлэһитинэн ʏлэлээбит. Ликбез ʏɵрэхтээх. 1942 сыллаахха армияҕа ыӊырыллан барбыт, эргиллибэтэх. Сураҕа суох сʏппʏт.
Крылов Николай Дмитриевич
(1918-194…)
1918 сыллаахха Сыӊаах нэһилиэгэр Балаҕаннаах алааска тɵрɵɵбʏт. 1941 сыл балаҕан ыйын 18 кʏнʏгэр арҕаа сэриигэ ыӊырыллан барбыт. Сураҕа суох сʏппʏт.
Охлопков Петр Иннокентьевич
(1918-1943)
1918 сыллаахха Хоро нэһилиэгэр Холлоҕостооххо тɵрɵɵбʏт. Колхозка суотчут кɵмɵлɵһɵɵччʏтʏнэн уонна хонуу араас ʏлэлэригэр ʏлэлээбит. Комсомол чилиэнэ. 1942 сыл армияҕа ыӊырыллан барбыт, эргиллибэтэх. Сураҕа суох сʏппʏт.
Охлопков Николай уонна Иннокентий
Бииргэ тɵрɵɵбʏт дьон Хоро нэһилиэгэр кэлэн олохсуйбуттар. Кинилэр арҕаа фроӊӊа барбыттар, ол гынан баран хайдах дьылҕаламмыттара биллибэт.
Петров Фома Иванович
(1903-1945)
1903 сыллаахха Хоро нэһилиэгэр Хатыӊ Сыһыыга Чуобут алааһыгар тɵрɵɵбʏт. «Хатыӊ Сыһыы» колхоз тɵһʏʏ ʏлэһитэ, ударнига. 1942 сыл бэс ыйын 25 кʏнʏгэр армияҕа ыӊырыллан барбыт. 1945 сыллаахха Берлини ылыы иһин кыргыһыыга сураҕа суох сʏппʏт.
Петров Егор Иванович
(1917-1943)
1917 сыллаахха Хоро нэһилиэгэр Хатыӊ Сыһыыга тɵрɵɵбʏт. Кыра ʏɵрэхтээх. Колхозка кыладыапсыгынан, ферма сэбиэдиссэйинэн ʏлэлээбит. 1942 сыл бэс ыйын 28 кʏнʏгэр армияҕа ыӊырыллан барбыт. 1943 сыл алтынньы 24 кʏнʏгэр ɵлбʏт. Кɵмʏллʏбʏт сирэ биллибэт.
Петров Иннокентий Иванович
(1920-1943)
1920 сыллаахха Хоро нэһилиэгэр Хатыӊ Сыһыыга тɵрɵɵбʏт. 4 кылаас ʏɵрэхтээх, комсомольскай тэрилтэ секретара. Колхозка хонуу ʏлэтигэр ʏлэлээбит. 1942 сыл бэс ыйын 25 кʏнʏгэр армияҕа ыӊырыллан барбыт. 1943 сыллаахха ɵлбʏт. Кɵмʏллʏбʏт сирэ биллибэт.
Петров Яков Николаевич
(1911-1942)
1911 сыллаахха Хоро нэһилиэгэр тɵрɵɵбʏт. 1941 сыл атырдьах ыйын 11 кʏнʏгэр армияҕа ыӊырыллан барбыт. 1942 сыллаахха сэриигэ сураҕа суох сʏппʏт.
Петров Степан Николаевич
(1915-194…)
1915 сыллаахха Хоро нэһилиэгэр тɵрɵɵбʏт. 1941 сыл от ыйын 11 кʏнʏгэр армияҕа ыӊырыллан барбыт. Сэрии толоонугар охтубут, ɵлбʏт кэмэ билибэт.
Пронин Григорий Иванович
(1920-194…)
1920 сыллаахха тɵрɵɵбʏт. Хоро нэһилиэгэр кɵскɵ кэлбит нуучча «Кыһыл агроном» колхозка хонуу ʏлэтигэр ʏлэлээбит. 1941 сыл атырдьах ыйын 15 кʏнʏгэр армияҕа ыӊырыллан барбыт. Сэриигэ сураҕа суох сʏппʏт.
Слепцов Дмитрий Васильевич
(1915-194…)
1915 сыллаахха Хоро нэһилиэгэр Хатыӊ Сыһыыга тɵрɵɵбʏт. Ликбез ʏɵрэхтээх. «Хатыӊ Сыһыы» колхозка комсомольскай тэрилтэ секретара. Колхоз араас ʏлэтигэр тракториһынан сылдьыбыт. 1941 сыллаахха армияҕа ыӊырыллан барбыт. Сураҕа суох сʏппʏт.
Шестаков Илья Иванович
(1917-1942)
1917 сыллаахха тɵрɵɵбʏт. «Кыһыл агроном» колхозтан армияҕа 1941 сыл балаҕан ыйын 2 кʏнʏгэр барбыт. 1942 сыллаахха ɵлбʏт.