Стрекаловскай Иннокентий Васильевич
(1917-1943)
1917 сыллаахха Арҕаа сайылыкка Хаттыгыга Тʏʏлээх нэһилиэгэр тɵрɵɵбʏт. Тɵрдʏһʏ бʏтэрбит. Комсомоллаах. Хонууга ʏлэлээбит. Армияҕа барбыт, рядовой. 1943 сыллаахха алтынньыга сэриигэ ɵлбʏт, кɵмʏллʏбʏт сирэ биллибэт.
Стрекаловскай Иннокентий Спиридонович
(1917-194…)
1917 сыллаахха Балаҕаннаахха Хаттыгыга Тʏʏлээх нэһилиэгэр тɵрɵɵбʏт. Тɵрдʏһʏ бʏтэрбит. Комсомоллаах. Кыладьыапсыктаабыт, хонууга ʏлэлээбит. 1941 сыл атырдьах ыйын 15 кʏнʏгэр ыӊырыллан армияҕа барбыт, рядовой. Сэриигэ сураҕа суох сʏппʏт.
Стрекаловский Прокопий Васильевич
(1920-194…)
1920 сыллаахха Таалахааӊӊа Хаттыгыга Тʏʏлээх нэһилиэгэр тɵрɵɵбʏт. Тʏʏлээх оскуолатын ʏһʏс кылааһын бʏтэрбит. Колхозка хонууга ʏлэлээбит. 1942 сыл бэс ыйын 8 кʏнʏгэр армияҕа ыӊырыллан барбыт, рядовой. Сборга Мальтаҕа, Илин Монголияҕа сылдьыбыт. Сэриигэ сураҕа суох сʏппʏт.
Стрекаловскай Степан Николаевич
(1904-1942)
1904 сыллаахха Чомоойу диэн сиргэ Хаттыгыга Тʏʏлээх нэһилиэгэр тɵрɵɵбʏт. Тɵрдʏһʏ бʏтэрбит. 1936-38сс. оройуоӊӊа промкомбинакка столярдаабыт. Колхозка хонууга ʏлэлээбит. 1941 сыл атырдьах ыйын 15 кʏнʏгэр армияҕа ыӊырыллан барбыт, рядовой. 1942 сыл кулун тутар ыйга сэриигэ сураҕа суох сʏппʏт.
Стрекаловскай Федор Спиридонович
(1910-194…)
1910 сыллаахха Хаттыгыга Балаҕаннаахха тɵрɵɵбʏт. Тɵрдʏһʏ бʏтэрбит. «Кылаайы» колхозка биригэдьииринэн, онтон ветеринар куурсугар ʏɵрэнэн, ветеринардаабыт. 1942 сыл бэс ыйын 27 кʏнʏгэр ыӊырыллан армияҕа барбыт, рядовой. Сэриигэ сураҕа суох сʏппʏт.
Сыроватскай Савва Саввич
(1912-194…)
1912 сыллаахха «Кыһыл Союзка» Танда Тɵрдʏгэр тɵрɵɵбʏт. Ликбез ʏɵрэхтээх. Комсомоллаах. «Кылаайы», «Хаттыгы» колхозтарга хонуу биригэдьииринэн, ферма сэбиэдиссэйинэн ʏлэлээбит. Совет депутата. 1942 сыл бэс ыйын 27 кʏнʏгэр ыӊырыллан барбыт, рядовой. Сэриигэ сураҕа суох сʏппʏт.
Ушницкай Дмитрий Николаевич
(1913-1942)
1913 сыллаахха Хаттыгыга Ытык Тириитигэр тɵрɵɵбʏт. Ликбез ʏɵрэхтээх. Партия чилиэнигэр кандидат. «Хаттыгы» колхозка хонуу биригэдьииринэн, председателинэн, онтон Сельсовет секретарынан ʏлэлээбит. 1941 сыллаахха Тайах Кырдалыттан сэриигэ тылланан барбыт, рядовой. 1942 сыл бэс ыйыгар сэриигэ ɵлбʏт, кɵмʏллʏбʏт сирэ биллибэт.