Тиит-Арыы (II Байаҕантай) нэһилиэгиттэн Аҕа дойду Улуу сэриитигэр кыргыс хонуутугар охтубуттар:

Аргунов Егор Семенович-Ньулутар Сэмэн уола

          1917 сыллаахха II Байаҕантай нэһилиэгэр Тандыгы ʏрэххэ – Сэмэнньэ ɵтɵҕɵр тɵрɵɵбʏт. 7 кылаас ʏɵрэхтээх, финансист. Чурапчыга госстрахха ʏлэлээбит. Сэриигэ 12.06.41с. барбыт. 21.12.41с. сураҕа суох сʏппʏт.

Аргунов Иннокентий Васильевич-Боодой Баһылай уола

          1916 сыллаахха II Байаҕантай нэһилиэгэр Тандыгы ʏрэххэ - Бадаӊӊа тɵрɵɵбʏт. «Бɵлɵхɵһʏʏ» колхоз чилиэнэ. Суоччутунан ʏлэлээбит. Сэриигэ 24.06.42с. барбыт. Сэриигэ 24.09.43с ɵлбʏт. Ханна кɵмʏллʏбʏтэ биллибэт.

Атласов Иван Николаевич-Кэпсээннээх Уйбаан, Эчикис улахан уола

          1912 сыллаахха II Байаҕантай нэһилиэгэр Туойдаах ʏрэххэ - Куру-дьиригэ тɵрɵɵбʏт. «Пятилетка» колхоз чилиэнэ. Кыра ʏɵрэхтээх, ферма сэбиэдиссэйинэн ʏлэлээбит. Сэриигэ 20.08.42с. барбыт. 10.42с. сураҕа суох сʏппʏт.

Атласов Семен Кононович

         1914 сыллаахха Байаҕантай нэһилиэгэр Хаптаанньа ʏрэххэ - Лоскучуохха тɵрɵɵбʏт. 7 кылаас ʏɵрэхтээх. «Пятилетка» колхоз чилиэнэ. Кыра ʏɵрэхтээх. Сэриигэ 12.42с. барбыт. Ханна ɵлбʏтэ биллибэт.

Афанасьев  Прокопий Данилович-Борокуоп, Дьуоһуйар уола

       1915 сыллаахха II Байаҕантай нэһилиэгэр тɵрɵɵбʏт. Сэриигэ 1943 с. барбыт. 17.07.44с. ɵлбʏт, Вильнюс куорат иһин охсуһууга сураҕа суох сʏппʏт.

Винокуров Иван Кузьмич – Кытарбаайы (Кыһыл Кууһума) уола

       1921 сыллаахха II Байаҕантай нэһилиэгэр Далламыкы Сыгынах диэн сиргэ тɵрɵɵбʏт. 7 кылаас ʏɵрэхтээх. Сэриигэ 1942 с. барбыт. 11.01.43с. Курскай анныгар сэриигэ ɵлбʏт, ханна кɵмʏллʏбʏтэ биллибэт.

Готовцев Иван Иннокентьевич – Оһоҕос уйбаан, Бʏгʏстээн уола

      1912 сыллаахха тɵрɵɵбʏт. Сэриигэ 12.08.1941 с. барбыт. 10.43с. сэриигэ сураҕа суох сʏппʏт.

Егоров Иван Егорович – Кыһыл Уйбаан, Дьэлтэх Дьɵгʏɵр уола

      1916 сыллаахха II Байаҕантай нэһилиэгэр Лабыкта диэн сиргэ тɵрɵɵбʏт. Ƴɵрэҕэ суох. Сэриигэ 12.08.1941 с. барбыт. 1942 с. Ржев куорат иһин сэриигэ сураҕа суох сʏппʏт.

Заболоцкай Гаврил Михайлович – Хооспох Уйбаан

       1918 сыллаахха II Байаҕантай нэһилиэгэр Тындыгы диэн сиргэ тɵрɵɵбʏт. 7 кылаас ʏɵрэхтээх. Сэриигэ 15.08..41 с. барбыт, рядовой, 31.11.41с. Мальта станцияҕа ыалдьан ɵлбʏт.

Колодезников Михаил Евсеевич - Чɵрбɵкɵ уола

      1916 сыллаахха II Байаҕантай нэһилиэгэр Тыымпы алааска тɵрɵɵбʏт. Сэриигэ 15.08.41 с. барбыт, 1941с. Москва анныгар ɵлбʏт.

Колодезников Петр Петрович – Чуппууска уола Бʏɵтʏкэ

      1915 сыллаахха Суотту ʏрэҕэр тɵрɵɵбʏт. 3 кылаас ʏɵрэхтээх. Сэриигэ 1942 с. барбыт, рядовой, 1943с. Курскай анныгар ɵлбʏт.

Неустроев Герасим Иннокентьевич - Дьʏлэй Лэгэнтэй уола Дьарааһын

      1914 сыллаахха II Байаҕантай нэһилиэгэр Холлоҕостоох-Анаҕаһыннаах диэн сиргэ тɵрɵɵбʏт. «Тыраҕатталаах» колхоз чилиэнэ. 1941 с. Кыһын Ленинград таһыгар сураҕа суох сʏппʏт.

Николаев Дмитрий Николаевич

      1921 сыллаахха II Байаҕантай нэһилиэгэр тɵрɵɵбʏт. Сэриигэ 29.09.1942 с. барбыт, рядовой, 08.1943с. сураҕа суох сʏппʏт.

Николаев Митрофан Николаевич – Ородьумаан уола

      1920 сыллаахха II Байаҕантай нэһилиэгэр Хаптаанньа ʏрэҕэр Сыгынньах томторго тɵрɵɵбʏт. «Пятилетка» колхоз чилиэнэ. 4 кылаас ʏɵрэхтээх. Сылгыһыт. Сэриигэ 12.08.1941 с. барбыт,  сураҕа суох сʏппʏт.

Нуччин Семен Петрович-Дьабарыйа, Чымыык уола

      1907 сыллаахха II Байаҕантай нэһилиэгэр тɵрɵɵбʏт. 1937 с. биригэдьиирдии сылдьыбыт. Сэриигэ Уһун-Кʏɵлтэн барбыт. 12.08.1941 с.  сураҕа суох сʏппʏт.

Посельскай Дмитрий Ефимович

      1918 сыллаахха II Байаҕантай нэһилиэгэр тɵрɵɵбʏт.  Сэриигэ 27.06.42с. барбыт. 1942 с. Ильмень кʏɵл оройуонугар сураҕа суох сʏппʏт.

Турантаев Семен Николаевич – Алта бууттаах Сэмэн уола

      1915 сыллаахха II Байаҕантай нэһилиэгэр Ɵйɵм ʏрэҕэр Тураӊнаахха тɵрɵɵбʏт.  Сэриигэ 27.06.42с. барбыт. 1942 с. Ильмень кʏɵл оройуонугар сураҕа суох сʏппʏт. «Тыраҕатталаах» колхозка ʏлэлээбит. Сэриигэ барбыт, рядовой, 11.42 сыллаахха ɵлбʏт, ханна кɵмʏллʏбʏтэ биллибэт.