Ɵспɵх нэһилиэгэ

Гоголев Николай Захарович

     1923 сыллаахха II Ɵспɵх нэһилиэгэр Киппээттиир диэн сиргэ тɵрɵɵбʏт. Начальнай оскуоланы ʏчʏгэйдик бʏтэрбит. Колхозка ʏлэлии сылдьан 1942с. от ыйын 21 кʏнʏгэр армияҕа ыӊырыллан барбыт уонна сураҕа суох сʏппʏт.

Горохов Афанасий Петрович

     1917 сыллаахха Чэриктэй нэһилиэгэр тɵрɵɵбʏт. 1931с. тэриллибит «Чагдаайы» колхозка чилиэнинэн киирбит. Оскуолаҕа ʏɵрэммэтэх. Ликбеһинэн ааҕар-суруйар буолбут. 1942с. бэс ыйын 23 кʏнʏгэр армияҕа ыӊырыллан барбыт уонна 1943с. сураҕа суох сʏппʏт.

Готовцев Иван Николаевич

     1907 сыллаахха II Ɵспɵх нэһилиэгэр Арҕаа уӊуор Ыал уһуга диэн сиргэ тɵрɵɵбʏт. «Ƴʏнэр олох» колхозка чилиэнинэн киирбит. 1941с. атырдьах ыйын 12 кʏнʏгэр армияҕа ыӊырыллан барбыт уонна сураҕа суох сʏппʏт.

Егоров Василий Иосифович

     1916 сыллаахха II Ɵспɵх нэһилиэгэр Дыгдаалга тɵрɵɵбʏт. Дʏпсʏн сэттэ кылаастаах оскуолатын бʏтэрбит. Нэһилиэгэр учууталлаабыт. 1941с. атырдьах ыйын 12 кʏнʏгэр армияҕа ыӊырыллан барбыт уонна сураҕа суох сʏппʏт.

Лукин Данил Иннокентьевич

     1896 сыллаахха II Ɵспɵх нэһилиэгэр Чаарыаска тɵрɵɵбʏт. Эдэригэр Дьокуускайынан, Хоту Булуӊунан сылдьыталаан баран, 1934с. дойдутугар кэлэн, «Ƴʏнэр кʏʏс» колхозка киирэр. 1941с. атырдьах ыйын 12 кʏнʏгэр армияҕа ыӊырыллан барбыт. 1942с. сэрии толоонугар сураҕа суох сʏппʏт.

Лукин Гаврил Иванович

     1920 сыллаахха тɵрɵɵбʏт. Оскуолаҕа ʏɵрэммэтэх. «Сардаӊа» колхозка кɵмɵлɵһɵр. 1941с. атырдьах ыйын 12 кʏнʏгэр армияҕа ыӊырыллан барбыт. 1943с. сэрии толоонугар сураҕа суох сʏппʏт.

Назаров Егор Федорович

     1922 сыллаахха II Ɵспɵх нэһилиэгэр Арҕаа Уӊуор Алыһардаах диэн сиргэ тɵрɵɵбʏт. Начальнай оскуоланы бʏтэрбит. «Ƴʏнэр олох» колхозка суоччутунан, биригэдьииринэн ʏлэлээбит. 1942с. бэс ыйын 23 кʏнʏгэр армияҕа ыӊырыллан барбыт. 1943с. тохсунньу 16 кʏнʏгэр сэрии толоонугар ɵлбʏт.

Попов Иннокентий Семенович

     1919 сыллаахха II Ɵспɵх нэһилиэгэр Чаарыаска тɵрɵɵбʏт. 7 кылаас ʏɵрэхтээх. «Ƴʏнэр кʏʏс» колхозка суоччутунан ʏлэлии олорон 1942с. бэс ыйын 23 кʏнʏгэр сэриигэ барбыт. Сэрии толоонугар сураҕа суох сʏппʏт.

Назаров Семен Яковлевич

     1922 сыллаахха II Ɵспɵх нэһилиэгэр Арҕаа Уӊуор Алыһардаах диэн сиргэ тɵрɵɵбʏт. Начальнай оскуоланы бʏтэрбит. «Ƴʏнэр олох» колхозка суоччутунан, биригэдьииринэн ʏлэлээбит. 1942с. бэс ыйын 23 кʏнʏгэр армияҕа ыӊырыллан барбыт. 1943с. тохсунньу 16 кʏнʏгэр сэрии толоонугар ɵлбʏт.

Неустроев Иван Афанасьевич

       1910 сыллаахха II Ɵспɵх нэһилиэгэр тɵрɵɵбʏт. Начальнай оскуоланы бʏтэрбит. «Ƴʏнэр кʏʏс» колхозка ʏлэлии сырыттаҕына, нэһилиэк советыгар секретарынан ылбыттар. 1941с. атырдьах ыйын 12 кʏнʏгэр армияҕа барбыт. Сэрии толоонугар сураҕа суох сʏппʏт.

Пудов Иннокентий Михайлович

     1914 сыллаахха тɵрɵɵбʏт. Начальнай оскуоланы бʏтэрбит. «Ƴʏнэр олох» колхозка ʏлэлии сылдьан, 1941с. атырдьах ыйын 12 кʏнʏгэр армияҕа барбыт. Сэрии толоонугар сураҕа суох сʏппʏт.

Румянцев Дмитрий Дмитриевич-II

     1911 сыллаахха II Ɵспɵх нэһилиэгэр Чагдаайыга Эмис Соболоох диэн сиргэ тɵрɵɵбʏт. Оскуолаҕа ʏɵрэммэтэх. Ликбезкэ ʏɵрэнэн кыратык ааҕар-суруйар буолбут. 1941с. атырдьах ыйын 12 кʏнʏгэр армияҕа ыӊырыллан барбыт. 05.1942с. ɵлбʏт. Ханна кɵмʏллʏбʏтэ биллибэт.

Румянцев Иннокентий Дмитриевич

     1921 сыллаахха II Ɵспɵх нэһилиэгэр Чагдаайытыгар Элбэҕи диэн сиргэ тɵрɵɵбʏт. 1942с. бэс ыйын 23 кʏнʏгэр сэриигэ ыӊырыллан барбыт. Дойдутугар эргиллибэтэх.

Румянцев Николай Дмтриевич I

     1901 сыллаахха II Ɵспɵх нэһилиэгэр Чагдаайытыгар Элбэҕи диэн сиргэ тɵрɵɵбʏт. Оскуолаҕа ʏɵрэммэтэх. Колхоз тэриллиэҕиттэн чилиэнинэн киирбит. 1942с. бэс ыйын 23 кʏнʏгэр армияҕа ыӊырыллан барбыт. 1943с. кыргыһыы толоонугар охтубут.

Румянцев Николай Дмтриевич II

     1905 сыллаахха II Ɵспɵх нэһилиэгэр тɵрɵɵбʏт. Оскуолаҕа ʏɵрэммэтэх. Кэлин Ликбезкэ ʏɵрэнэн ааҕар-суруйар буолбут. 1929 с. «Сардаӊа» колхоз тэриллиитигэр чилиэнинэн киирбит. 1941с. атырдьах ыйын 12 кʏнʏгэр армияҕа ыӊырыллан барбыт. 1943с. кыргыһыы толоонугар охтубут. Ханна кɵмʏллʏбʏтэ биллибэт.

Румянцев Николай Егорович

     1912 сыллаахха Арҕаа Уӊуор Чʏʏйʏгэ тɵрɵɵбʏт. Оскуолаҕа ʏɵрэммэтэх. Бастаан тэриллибит «Чымаадай» диэн артыалга, онтон устунан «Ƴʏнэр олох» колхозка тэриллиитигэр араас ʏлэҕэ ʏлэлээбит. 1941с. атырдьах ыйын 12 кʏнʏгэр армияҕа ыӊырыллан барбыт уонна эргиллибэтэх, сураҕа суох сʏппʏт.

Румянцев Прокопий Евстафьевич

     1920 сыллаахха II Ɵспɵх нэһилиэгэр тɵрɵɵбʏт. Начальнай оскуоланан муӊурдаммыт. «Ƴʏнэр кʏʏс» колхозка ʏлэлии сылдьан, 1942с. бэс ыйын 23 кʏнʏгэр армияҕа ыӊырыллан барбыт уонна эргиллибэтэх, сураҕа суох сʏппʏт.

Румянцев Федор Иванович

       1912 сыллаахха II Ɵспɵх нэһилиэгэр Арҕаа Уӊуор Алыһардаах диэн сиргэ тɵрɵɵбʏт. Оскуолаҕа ʏɵрэммэтэх. Ликбезкэ ʏɵрэнэн ааҕар-суруйар буолбут. 1941с. атырдьах ыйын 12 кʏнʏгэр армияҕа ыӊырыллан барбыт. Сэрии толоонуттан эргиллибэтэх, сураҕа суох сʏппʏт.

Саввин Иван Григорьевич

     1920 сыллаахха II Ɵспɵх нэһилиэгэр тɵрɵɵбʏт. 1941с. атырдьах ыйын 12 кʏнʏгэр армияҕа ыӊырыллан барбыт. Сэрии толоонугар сураҕа суох сʏппʏт.

Сивцев Захар Павлович

     1921 сыллаахха II Ɵспɵх нэһилиэгэр Иирэлээх диэн сиргэ тɵрɵɵбʏт. 1942с. бэс ыйын 23 кʏнʏгэр армияҕа ыӊырыллан барбыт. Дойдутугар эргиллибэтэх, сураҕа суох сʏппʏт.

Сивцев Иннокентий Андреевич

     1915 сыллаахха II Ɵспɵх нэһилиэгэр Иирэлээххэ тɵрɵɵбʏт. Начальнай оскуоланы бʏтэрбит. Колхозка суоччутунан ʏлэлээбит. 1942с. бэс ыйын 23 кʏнʏгэр армияҕа ыӊырыллан барбыт. Ыалдьан ɵлбʏт. Кɵмʏллʏбʏт сирэ биллибэт.

Сивцев Михаил Иванович I

     1923 сыллаахха Ɵспɵх нэһилиэгэр тɵрɵɵбʏт. «Сардаӊа» колхозка араас ʏлэлэргэ сылдьыбыт. 1944с. армияҕа ыӊырыллан барбыт, сураҕа суох сʏппʏт.

Сивцев Михаил Иванович II

     1926 сыллаахха II Ɵспɵх нэһилиэгэр Иирэлээххэ тɵрɵɵбʏт. Начальнай оскуоланы Батыйалаахха бʏтэрбит. 1944с. бэс ыйын 26 кʏнʏгэр армияҕа ыӊырыллан барбыт, сураҕа суох сʏппʏт.

Сивцев Семен Филиппович

     1915 сыллаахха Ɵспɵх нэһилиэгэр Кириэс Эбэҕэ тɵрɵɵбʏт. 1942с. армияҕа ыӊырыллан барбыт. 1942с. сэриилэһэ сылдьан ɵлбʏт.

Сивцев Николай Михайлович

     1905 сыллаахха II Ɵспɵх нэһилиэгэр тɵрɵɵбʏт. Оскуолаҕа ʏɵрэммэтэх. Колхозка ʏлэлээбит. 1941с. атырдьах ыйын 12 кʏнʏгэр армияҕа ыӊырыллан барбыт. 04.42с. ɵлбʏт. Уӊуоҕа ханна хараллыбыта биллибэт.

Сивцев Роман Захарович

     1923 сыллаахха II Ɵспɵх нэһилиэгэр тɵрɵɵбʏт. Начальнай оскуоланы бʏтэрбит. Онтон Дʏпсʏӊӊэ тахсан 7-с кылааһы бʏтэрбит. 1942с. от ыйын 10 кʏнʏгэр армияҕа ыӊырыллан барбыт. Дойдутугар тɵннʏбэтэх.

Сивцев Федор Степанович

     1918 сыллаахха II Ɵспɵх нэһилиэгэр Чагдаайыга Элбэҕи диэн сиргэ тɵрɵɵбʏт. Оскуолаҕа ʏɵрэммэтэх. «Ƴʏнэр кʏʏс» колхозка ʏлэлээбит. 1941с. атырдьах ыйын 12 кʏнʏгэр армияҕа ыӊырыллан барбыт. Дойдутугар тɵннʏбэтэх.

Сыромятников Николай Иванович I

     1918 сыллаахха Ɵспɵх нэһилиэгэр Ыал Уһугар тɵрɵɵбʏт. «Ƴʏнэр олох» колхоз чилиэнэ. 1936 с. Томмокко кɵмʏс ʏлэтигэр мобилизацияланан барбыт. 1942с. армияҕа ыӊырыллан барбыт. Сураҕа суох сʏппʏт.

Сыромятников Степан Иванович

     1918 сыллаахха II Ɵспɵх нэһилиэгэр Арҕаа Уӊуор Ыал Уһуга диэн сиргэ тɵрɵɵбʏт. Кыра   ʏɵрэхтээх. 1941с. атырдьах ыйын 12 кʏнʏгэр сэриигэ ыӊырыллан барбыт. Дойдутугар тɵннʏбэтэх, сураҕа суох сʏппʏт. 05.42с. ɵлбʏт. Кɵмʏллʏбʏт сирэ биллибэт.

Федоров Роман Дмитриевич

     1908 сыллаахха Найахы нэһилиэгэр тɵрɵɵбʏт. Кыра ʏɵрэхтээх. 1941с. атырдьах ыйын 12 кʏнʏгэр армияҕа ыӊырыллан барбыт. Дойдутугар тɵннʏбэтэх, сураҕа суох сʏппʏт.

Степанов Михаил Степанович

     1918 сыллаахха II Ɵспɵх нэһилиэгэр Чагдаайыга Хомустаах диэн сиргэ тɵрɵɵбʏт. Оскуолаҕа ʏɵрэммэтэх. Колхозка араас ʏлэҕэ ʏлэлээбит. 1941с. атырдьах ыйын 12 кʏнʏгэр армияҕа ыӊырыллан барбыт. Дойдутугар тɵннʏбэтэх, сураҕа суох сʏппʏт.

Федоров Семен Дмитриевич

     1910 сыллаахха Найахы нэһилиэгэр тɵрɵɵбʏт. Курска ʏɵрэнэн быстах кэмӊэ ветеринардыы сылдьан, 1941с. армияҕа ыӊырыллан барбыт. Дойдутугар тɵннʏбэтэх, сураҕа суох сʏппʏт.