I Ɵспɵх нэһилиэгэ
Афанасьев Вячеслав Иванович
1920 сыллаахха I Ɵспɵх нэһилиэгэр тɵрɵɵбʏт. 1942с. атырдьах ыйын 2 кʏнʏгэр сэриигэ ыӊырыллан барбыт. Дойдутугар тɵннʏбэтэх, сураҕа суох сʏппʏт.
Копырин Степан Тихонович
1912 сыллаахха I Ɵспɵх нэһилиэгэр тɵрɵɵбʏт. 1941с. атырдьах ыйын 15 кʏнʏгэр сэриигэ ыӊырыллан барбыт. I Лɵгɵй нэһилиэгэр олоро сылдьыбыт. 1945с. ɵлбʏт.
Лыткин Егор Александрович
1921 сыллаахха тɵрɵɵбʏт. 1942с. бэс ыйын 25 кʏнʏгэр сэриигэ ыӊырыллан барбыт. Сэриигэ барыан иннинэ «Кыһыл сардаӊа» колхозка ʏлэлээбит.
Лыткин Николай Алексеевич
1921 сыллаахха тɵрɵɵбʏт. 1941с. атырдьах ыйын 15 кʏнʏгэр сэриигэ ыӊырыллан барбыт. Сэриигэ барыан иннинэ учуутал техникумун 2-с курсугар ʏɵрэммит.
Лыткин Николай Иосифович
1920 сыллаахха тɵрɵɵбʏт. 1942с. балаҕан ыйын 9 кʏнʏгэр сэриигэ ыӊырыллан барбыт. 1944с. ɵлбʏт. Сэриигэ барыан иннинэ «Кыһыл сардаӊа» колхозка ʏлэлээбит.
Лыткин Иннокентий Саввич
1913 сыллаахха тɵрɵɵбʏт. 1942с. бэс ыйын 28 кʏнʏгэр сэриигэ ыӊырыллан барбыт. 1943с. олунньуга ɵлбʏт. Сэриигэ барыан иннинэ «Кыһыл сардаӊа» колхозка суоччутунан, кэлин председателинэн ʏлэлии сылдьыбыт.
Лукачевскай Михаил Васильевич
1941с. сэриигэ ыӊырыллан барбыт. 1945с. сураҕа суох сʏппʏт. Офицерскай оскуолаҕа ʏɵрэммит. Сэриигэ барыан иннинэ МТС-ка бухгалтерынан ʏлэлээбит.
Сивцев Иван Афанасьевич (1895-1942)
I Ɵспɵх нэһилиэгиттэн тɵрʏттээх. Дьокуускай куоракка ʏɵрэммит. 1919с. кини кɵҕʏлээһининэн нэһилиэккэ начальнай оскуола аһыллыбыта, онно бэйэтэ учууталынан ʏлэлээбит. «Холбоско» старшай резиворунан ʏлэлээбит. Ленинград блокадатын кэмигэр ɵлбʏт.
Ушницкай Афанасий Дмитриевич
1921 сыллаахха I Ɵспɵх нэһилиэгэр тɵрɵɵбʏт. 1942с. атырдьах ыйын 20 кʏнʏгэр сэриигэ ыӊырыллан барбыт. 1943с. сэриигэ ɵлбʏт. Сэрии иннинэ учууталынан ʏлэлээбит.
Ушницкай Гаврил Михайлович
1919 сыллаахха тɵрɵɵбʏт. 1942с. балаҕан ыйын 9 кʏнʏгэр сэриигэ ыӊырыллан барбыт. Сураҕа суох сʏппʏт. Сэриигэ барыан иннинэ «Кыһыл сардаӊа» колхозка ʏлэлээбит.