Ɵнɵр нэһилиэгэ

Ɵнɵр нэһилиэгиттэн 19941-45сс. сэриигэ ɵлбʏттэр

Атласов Афанасий Андреевич I-Томтоолдьуйа

     1904 сыллаахха Ɵнɵр нэһилиэгэр Дьуойу ʏрэххэ тɵрɵɵбʏт. Кыра ʏɵрэхтээх. Маӊнай «Дьуойуга» «Социал-ыллык» колхозка, кэлин «Кыһыл кыһа», Чкалов аатынан колхозтарга кииртэлээн ʏлэлээбит. 1941 сыллаахха атырдьах ыйын 15 кʏнʏгэр сэриигэ барбыт. 1941 сыллаахха сураҕа суох сʏппʏт.

Атласов Иннокентий Иннокентьевич-Тээниэс уола

     1923 сыллаахха Ɵнɵр нэһилиэгэр тɵрɵɵбʏт. «Биллээх» колхоз тэриллибитигэр хонуу ʏлэтигэр сылдьыбыт. Оскуолаҕа ʏɵрэммэтэх. 1941 сыллаахха атырдьах ыйыгар сэриигэ барбыт. 1942 сыллаахха ахсынньы ыйга сэриилэһэ сылдьан ɵлбʏт. Кɵмʏллʏбʏт сирэ биллибэт.

Атласов Петр Михайлович

     1919 сыллаахха Ɵнɵр нэһилиэгэр тɵрɵɵбʏт. Маӊнай «Биллээх», кэлин Горькай аатынан колхоз чилиэнэ. Бɵрɵлɵɵххɵ ʏɵрэнэн 4 кылааһы бʏтэрбит. 1938-40 сс. Ɵнɵр нэһилиэгэр ʏп агенынан ʏлэлии сылдьыбыт. Чита куоракка байыаннай ʏɵрэххэ сылдьыбыт. 1943 сыллаахха сэтинньи ыйга сэриигэ ɵлбʏт. Кɵмʏллʏбʏт сирэ биллибэт.

Атласов Гаврил Семенович

     1924 сыллаахха Ɵнɵр нэһилиэгэр тɵрɵɵбʏт. Бороҕоӊӊо ʏɵрэнэн 7 кылаас ʏɵрэхтэммит. Комсомол чилиэнэ. Чкалов аатынын колхозка ʏлэлии сырыттаҕына Ɵнɵр сельскэй сэбиэтин секретарынан талыллан сэриигэ барыар диэри ʏлэлээбит. 1942 сыллаахха бэс ыйын 27 кʏнʏгэр сэриигэ барбыт. 1943 сыллаахха сэриигэ ɵлбʏт. Кɵмʏллʏбʏт сирэ биллибэт.

Борисов Захар Матвеевич

     1926 сыллаахха Ɵнɵр нэһилиэгэр тɵрɵɵбʏт. Ɵнɵр оскуолатыгар ʏɵрэнэн 6 кылааһы бʏтэрбит. Маӊнай «Биллээх», кэлин Горькай аатынан колхоз чилиэнэ. Сэрии бириэмэтигэр Горькай аатынан колхоз туус балыгын биригээдэтигэр ʏлэлэспит. Комсомол чилиэнэ. 1944 сыллаахха сэриигэ барбыт. 1946 сыллаахха ыалдьан госпитальга ɵлбʏт. Кɵмʏллʏбʏт сирэ биллибэт.

Жирков Григорий Васильевич

     1912 сыллаахха Дʏпсʏн улууһугар I Ɵспɵх нэһилиэгэр тɵрɵɵбʏт. 7 кылаас ʏɵрэхтээх, БСК (б) П чилиэнэ. Сэриигэ барыар дылы сэбиэт председателэ. 1942 сыллаахха бэс ыйын 27 кʏнʏгэр сэриигэ барбыт. 1942 сыллаахха сэтинньи ыйга сэриигэ ɵлбʏт. Кɵмʏллʏбʏт сирэ биллибэт.

Захаров Иннокентий Дмитриевич-Кыһылымаан

     1905 сыллаахха Ɵнɵр нэһилиэгэр тɵрɵɵбʏт. Оскуолаҕа ʏɵрэммэтэх. Ликбезкэ ʏɵрэнэн ааҕар-суруйар буолбут. Кини бастаан «Социал-ыллык», «Кыһыл кыһа» колхозтарга киирбит. Чкалов аатынан колхоз чилиэнэ буолбут. 1933-37 сс. «Кыһыл кыһа» колхозка председателинэн ʏлэлээбит. 1941 сыллаахха сэриигэ барбыт. 1943 сыллаахха сэриилэһэ сылдьан ɵлбʏт. Кɵмʏллʏбʏт сирэ биллибэт.

Захаров Семен Степанович-Сэмэнньэ

     1917 сыллаахха Ɵнɵр нэһилиэгэр тɵрɵɵбʏт. 1935 сыллаахха активнай комсомолеһы, ударник колхозтааҕы 18 саастаах Захаровы Саха АССР-тан Бʏтʏн союзтааҕы колхозтаах ударниктар съезтэригэр делегатынан талаллар. 1941 сыллаахха атырдьах ыйыгар сэриигэ барбыт. 1943 сыллаахха сэриилэһэ сылдьан ɵлбʏт. Кɵмʏллʏбʏт сирэ биллибэт.

Иванов Петр Андреевич

   1902 сыллаахха Ɵнɵр нэһилиэгэр Кэлэдимэ Маттаҕатыгар тɵрɵɵбʏт. Оскуолаҕа ʏɵрэммэтэх. Бэйэтэ ааҕар-суруйар буолбут. 1931-1933 сылларга Ɵнɵр нэһилиэгэр Сэбиэт солбуйар председателинэн ʏлэлии сылдьыбыт. I Ɵспɵх нэһилиэгэр маӊнай «Ƴʏнʏʏ» колхозка чилиэн, кэлин ʏп агенынан ʏлэлээбит. 1943 сыллаахха от ыйыгар армияҕа ыыппыттар. 1944 сыллаахха олунньу ыйга ɵлбʏт. Кɵмʏллʏбʏт сирэ биллибэт.

Копырин Гаврил Васильевич

     1910 сыллаахха Ɵнɵр нэһилиэгэр Хаспыт Билиитигэр тɵрɵɵбʏт. 1932 сыллаахха ветеринар курсун бʏтэрбит. Ветеринарынан Ɵнɵргɵ уонна атын нэһилиэктэри кэрийэ сылдьан   ʏлэлээбит. 1940 сыллаахха Дьокуускайга киирэн милицияҕа ʏлэлээбит. 1941 сыллаахха сэриигэ барбыт. 1942 сыллаахха ɵлбʏт. Кɵмʏллʏбʏт сирэ биллибэт.

Куличкин Семен Михайлович-Тыытыр

     1917 сыллаахха Ɵнɵр нэһилиэгэр тɵрɵɵбʏт. Бɵрɵлɵɵх Дʏпсʏн оскуолаларыгар ʏɵрэнэн 4 кылаас ʏɵрэхтээх. «Кыһыл кыһа», кэлин Чкалов аатынан колхоз чилиэнэ. Хонуу ʏлэтигэр сылдьыбыт. Комсомол чилиэнэ. 1941 сыллаахха сайын сэриигэ барбыт. 1944 сыллаахха сэриилэһэ сылдьан ɵлбʏт. Кɵмʏллʏбʏт сирэ биллибэт.

Лукачевскай Дмитрий Илларионович-Дарыбыан Миитэрэйэ

     1908 сыллаахха Ɵнɵр нэһилиэгэр тɵрɵɵбʏт. Ликбезкэ ʏɵрэнэн ааҕар-суруйар буолбут. «Кыһыл сулус» колхозка бастакы тэрийээччилэртэн биирдэстэрэ. Бу колхозка кыладьыапсыгынан, биригэдьииринэн ʏлэлээбит. Кэлин «Кыһыл кыһа» уонна Чкалов аатынан колхозтар чилиэттэрэ. 1942 сыллаахха сэриигэ барбыт. 1943 сыл ыам ыйыгар сэриилэһэ сылдьан ɵлбʏт. Кɵмʏллʏбʏт сирэ биллибэт.

Лукачевскай Иннокентий Ионович

     1911 сыллаахха Ɵнɵр нэһилиэгэр тɵрɵɵбʏт. Ликбезкэ ʏɵрэнэн ааҕар-суруйар буолбут. Хаастаахха тэриллибит «Кыһыл сулус» колхозка биир бастакынан киирбит. Кэлин Чкалов аатынан колхоз чилиэнэ. «Кыһыл сулус» колхозка Харыадыйа алааска оҕуруот аһын олордон дьарыктана сылдьыбыттар. Онно биригэдьииринэн ананан ʏлэлээбит. 1941 сыллаахха атырдьах ыйыгар сэриигэ барбыт. 1942 сыллаахха олунньуга сэриилэһэ сылдьан ɵлбʏт. Кɵмʏллʏбʏт сирэ биллибэт.

Лукачевскай Михаил Васильевич

       Младший лейтенант. Педрабфакка ʏɵрэнэ сылдьан 1941 сыллаахха сэриигэ барбыт. 1945 сыллаахха сэриилэһэ сылдьан ɵлбʏт.

Лукачевскай Семен Прокопьевич

     1912 сыллаахха Ɵнɵр нэһилиэгэр тɵрɵɵбʏт. Оскуолаҕа ʏɵрэммэтэх. Ƴɵрэҕэ суох. «Кыһыл кыһа», Чкалов аатынан колхозтарга хонуу араас ʏлэлэрин толорбут, стахановец. 1942 сыллаахха сэриигэ барбыт. 1943 сыллаахха ахсынньы ыйга сэриилэһэ сылдьан ɵлбʏт. Кɵмʏллʏбʏт сирэ биллибэт.

Семенов Максим Николаевич

     1918 сыллаахха II Лɵгɵй нэһилиэгэр тɵрɵɵбʏт. «Кыһыл кыһа», кэлин Чкалов аатынан колхоз чилиэнэ. 1941 сыллаахха сэриигэ ыӊырыллыбыт. Рядовой. 1942 сыллаахха ɵлбʏт. Кɵмʏллʏбʏт сирэ биллибэт.

Сыроватскай Дмитрий Алексеевич-Иирбэ Ɵлɵксɵй уола

     1918 сыллаахха Ɵнɵр нэһилиэгэр тɵрɵɵбʏт. Оскуолаҕа ʏɵрэммэтэх. Ликбеһинэн кыра ʏɵрэхтээх. «Биллээх» колхозка киирэн производствоҕа араас ʏлэлэри толорбут. Ударник аатын ылбыт. Кэлин Горькай аатынан колхоз чилиэнэ. 1942 сыллаахха сайын сэриигэ барбыт. 1943 сыллаахха сэриилэһэ сылдьан ɵлбʏт. Кɵмʏллʏбʏт сирэ биллибэт.

Сыроватскай Иннокентий Васильевич

     1920 сыллаахха Ɵнɵр нэһилиэгэр Тайҕараҕа тɵрɵɵбʏт. Кыра ʏɵрэхтээх. «Кыһыл кыһа» колхозка киирбит, кэлин Чкалов аатынан колхоз чилиэнэ. 1942 сыллаахха сэриигэ ыӊырыллыбыт. 1943 сыллаахха сэриигэ ɵлбʏт. Кɵмʏллʏбʏт сирэ биллибэт.

Сыроватскай Егор Васильевич-Чоочо

     1919 сыллаахха Ɵнɵр нэһилиэгэр тɵрɵɵбʏт. Бɵрɵлɵɵх оскуолатыгар ʏɵрэммит. Мʏрʏ 7 кылаастаах оскуолатын бʏтэрбит. Комсомол чилиэнэ. 1942 сыллаахха сэриигэ ыӊырыллыбыт. 1943 сыллаахха сэриигэ ɵлбʏт. Кɵмʏллʏбʏт сирэ биллибэт.

Старостин Григорий Романович

     1917 сыллаахха Ɵнɵр нэһилиэгэр тɵрɵɵбʏт. Комсомол чилиэнэ. «Кыһыл кыһа» колхозка биир бастакынан киирбит. Ударник буолбут. Ликбезкэ ʏɵрэнэн ааҕар-суруйар буолбут. Сэриигэ барыар дылы биригэдьиирдээбит. 1941 сыллаахха атырдьах ыйын 15 кʏнʏгэр сэриигэ барбыт. 1942 сыллаахха муус устар 17 кʏнʏгэр сэриилэһэ сылдьан ɵлбʏт. Кɵмʏллʏбʏт сирэ биллибэт.

Томутовскай Дмитрий Дмитриевич I

     1917 сыллаахха Ɵнɵр нэһилиэгэр тɵрɵɵбʏт. «Кыһыл кыһа», кэлин Чкалов аатынан колхозка чилиэнинэн киирбит. Ликбезкэ ʏɵрэнэн ааҕар-суруйар буолбут. Чкалов аатынан колхоз солбуйар председателинэн ʏлэлии сылдьан, 1941 сыллаахха атырдьах ыйын ортотугар сэриигэ барбыт. 1942 сыллаахха тохсунньуга сэриилэһэ сылдьан ɵлбʏт.

Томутовскай Дмитрий Дмитриевич II

     1920 сыллаахха Ɵнɵр нэһилиэгэр тɵрɵɵбʏт. Ликбезкэ ʏɵрэнэн ааҕар-суруйар буолбут. Маӊнай «Кыһыл кыһа», кэлин Чкалов аатынан колхозтарга киирэн ʏлэлээбит. 1942 сыллаахха атырдьах ыйын 20 кʏнʏгэр сэриигэ барбыт. Ол сыл сэриилэһэ сылдьан ɵлбʏт. Кɵмʏллʏбʏт сирэ биллибэт.

Ушницкай Михаил Андреевич

     1920 сыллаахха Ɵнɵр нэһилиэгэр тɵрɵɵбʏт. 1938 сыллаахха Бороҕоӊӊо МТС-ка киирэн бухгалтер курсугар ʏɵрэммит. «Кыһыл кыһа», кэлин Чкалов аатынан колхозка ʏлэлээбит. 1942 сыллаахха сайын сэриигэ барбыт. 1944 сыллаахха муус устар 10 кʏнʏгэр сэриилэһэ сылдьан ɵлбʏт. Кɵмʏллʏбʏт сирэ биллибэт.

Ушницкай Иван Никитич

     1913 сыллаахха Ɵнɵр нэһилиэгэр тɵрɵɵбʏт. «Кыһыл кыһа», Чкалов аатынан колхозтар турук ʏлэһиттэрэ, хонуу, тутуу ʏлэтигэр сылдьыбыт. Ƴɵрэҕэ суох. 1941 сыллаахха атырдьах ыйыгар сэриигэ барбыт. 1942 сыллаахха сэриилэһэ сылдьан ɵлбʏт. Кɵмʏллʏбʏт сирэ биллибэт.

Ушницкай Илья Дмитриевич

     1921 сыллаахха Ɵнɵр нэһилиэгэр тɵрɵɵбʏт. Дьокуускайга учуутал техникумун III курсун ʏɵрэнэн бʏтэрэр сылыгар1942 сыллаахха муус устарга армияҕа ыӊырыллан барбыт. Сэриилэһэ сылдьан кулун тутар 6 кʏнʏгэр ɵлбʏт. Кɵмʏллʏбʏт сирэ биллибэт.

Федоров Иван Петрович-Буденнай

     1915 сыллаахха Ɵнɵр нэһилиэгэр тɵрɵɵбʏт. 1941 сыл атырдьах ыйыгар сэриигэ барбыт. 1942 сыллаахха сэриилэһэ сылдьан ɵлбʏт. Кɵмʏллʏбʏт сирэ биллибэт.

Черноградскай Валентин Егорович

     1917 сыллаахха Ɵнɵр нэһилиэгэр тɵрɵɵбʏт. «Кыһыл кыһа», Чкалов аатынан колхозтар ʏлэһиттэрэ. Ликбезкэ ʏɵрэнэн ааҕар-суруйар буолбут. Комсомол чилиэнэ. 1941 сыллаахха атырдьах ыйыгар сэриигэ барбыт. 1943 сыллаахха сэриилэһэ сылдьан ɵлбʏт. Кɵмʏллʏбʏт сирэ биллибэт.

Черноградскай Иннокентий Андреевич-Кыһымаан

     1924 сыллаахха Ɵнɵр нэһилиэгэр тɵрɵɵбʏт. «Кыһыл кыһа», кэлин Чкалов аатынан колхоз чилиэнэ. 7 кылааһы Бороҕон оскуолатыгар бʏтэрбит. 1942 сыл сайын сэриигэ барбыт. Танкист ʏɵрэҕэр ʏɵрэммит. 1943 сыллаахха тохсунньуга сэриилэһэ сылдьан ɵлбʏт. Кɵмʏллʏбʏт сирэ биллибэт.

Черноградскай Гаврил Семенович

     1914 сыллаахха Ɵнɵр нэһилиэгэр Лабачааны ʏрэххэ тɵрɵɵбʏт. Маӊнай «Лабачааны» колхозка киирбит. Кэлин «Баарда» колхозка киирбит. Ƴɵрэҕэ суох. 1941 сыл атырдьах ыйыгар сэриигэ барбыт. Танкист ʏɵрэҕэр ʏɵрэммит. Сэриилэһэр фроӊӊа баран истэхтэринэ поезтара буомбалааһыӊӊа тʏбэһэн 1943 сыллаахха балаҕан ыйыгар ɵлбʏт. Кɵмʏллʏбʏт сирэ биллибэт.

Черноградскай Николай Николаевич I-Тулуурдаах

     1919 сыллаахха Ɵнɵр нэһилиэгэр тɵрɵɵбʏт. «Баарда» колхозка, кэлин Горькай аатынан колхозка ʏлэлээбит. Бɵрɵлɵɵх оскуолатын 4 кылааһы бʏтэрбит. Колхозка хонуу ʏлэтигэр сылдьыбыт. Армияҕа барыар дылы кыладьыапсыктаабыт. 1943 сыллаахха сэриигэ барбыт. 1944 сыл от ыйыгар сэриигэ ɵлбʏт. Кɵмʏллʏбʏт сирэ биллибэт.