Гаврильев Дмитрий Петрович

         1924 сыллаахха Найахы нэһилиэгэр Ƴкэр алааска тɵрɵɵбʏт. Нэһилиэгин начальнай оскуолатынан ʏɵрэҕэ тʏмʏктэммит. «Кыһыл сардаӊа» колхозка чилиэнинэн киирбит. Сэриигэ барбыт. Курскай анныгар тиийэн 1944 сыллаахха охсуһуу хонуутугар охтубут. Кɵмʏллʏбʏт сирэ биллибэт.

Гоголев Алексей Васильевич

         1921 сыллаахха Найахы нэһилиэгэр Хоту Эбэ дэнэр толуу алааска тɵрɵɵбʏт. Нэһилиэгин  оскуолатынан кэнниттэн Дʏпсʏӊӊэ 7 кылааһы бʏтэрбит. 1941 сыллаахха тэриллибит Чкалов аатынан колхозка чилиэнинэн киирбит. 1942 сыллаахха сэриигэ барбыт. Хаһан ɵлбʏтэ чуолкайдамматах. Кɵмʏллʏбʏт сирэ биллибэт.

Гоголев Егор Иванович

        1918 сыллаахха Найахы нэһилиэгэр Хоту Эбэ куулатыгар Балаҕаннаах ɵтɵҕɵр тɵрɵɵбʏт. Иккис кылааһынан ʏɵрэнэн бʏппʏт. Сылгы кɵрбʏт. 1941 сыллаахха атырдьах ыйын 12 кʏнʏгэр сэриигэ барбыт. Хаһан ɵлбʏтэ чуолкайдамматах. Кɵмʏллʏбʏт сирэ биллибэт.

Гоголев Захар Михайлович

        1916 сыллаахха Найахы нэһилиэгэр Хоту Эбэ халдьаайытыгар тɵрɵɵбʏт. Оскуолаҕа ʏɵрэммэтэх, ликпуунунан ʏɵрэнэн ааҕар, суруйар буолбут. «Кыһыл сардаӊа» колхоз биир саамай бастыӊ ʏлэһитэ. 1941 сыллаахха ыӊырыллан тиийэн Москва кɵмʏскэлигэр 1942 сыллаахха охтубут. Кɵмʏллʏбʏт сирэ биллибэт.

Гоголев Иван Дмитриевич

       1905 сыллаахха Найахы нэһилиэгин ʏтʏɵкэннээх алааһыгар Хоту Эбэҕэ тɵрɵɵбʏт. Кыра ʏɵрэхтээх. Оройуонун МТС-гар хас да сыл ууһунан, слесарынан, тракториһынан ʏлэлээбит. 1942 сыл бэс ыйыгар сэриигэ барбыт. Дойдутугар эргиллибэтэх. Кɵмʏллʏбʏт сирэ биллибэт.

Дьяконов Николай Николаевич

       1913 сыллаахха Найахы нэһилиэгэр тɵрɵɵбʏт. Ликбезкэ ʏɵрэнэн ааҕар, суруйар буолбут. Чкалов аатынан колхоз сʏрэхтээх ʏлэһитэ. 1941 сыллаахха сэриигэ барбыт. 1943 сыллаахха кыргыс толоонугар охтубут. Кɵмʏллʏбʏт сирэ биллибэт.

Заровняев Михаил Романович

       1919 сыллаахха тɵрɵɵбʏт. Нэһилиэгин начальнай оскуолатын бʏтэрбит. «Саӊа тахсыы» колхозка сʏɵһʏ биригэдьииринэн ʏлэлэээбит. 1942 сыллаахха сэриигэ барбыт. 1943 сыл алтынньытыгар кыргыс толоонугар охтубут. Кɵмʏллʏбʏт сирэ биллибэт.

Кондратьев Евсей Львович

      1915 сыллаахха Найахы нэһилиэгэр Балаҕаннаах алааска тɵрɵɵбʏт. Ƴɵрэҕэ суох. «Саӊа тахсыы» колхозка хонуу араас ʏэтигэр ʏлэлээбит. 1942 сыл бэс ыйыгар армияҕа барбыт. Курскай анныгар 1943 сыллаахха охтубут. Кɵмʏллʏбʏт сирэ биллибэт.

Кондратьев Николай Алексеевич

      1923 сыллаахха Найахы нэһилиэгэр тɵрɵɵбʏт. Найахы начальнай оскуолатыгар ʏɵрэнэ сылдьыбыт. 1942 сыллаахха армияҕа барбыт ити сыл ахсынньытыгар ɵлбʏт. Кɵмʏллʏбʏт сирэ биллибэт.

Константинов Еремей Гаврильевич

       1922 сыллаахха Дʏпсʏн улууһун II Ɵспɵх нэһилиэгэр тɵрɵɵбʏт. 1938 сыллаахха «Саӊа хардыы» диэн артыалга, онтон онто бɵдɵӊɵɵн 1940 с. Чкалов аатынан колхозка ʏлэлээбит. 1941 сыл атырдьах ыйын 12 кʏнʏгэр сэриигэ барбыт. 1942 с. Москва анныгар охтубут. Кɵмʏллʏбʏт сирэ биллибэт.

Константинов Михаил Гаврильевич

       1919 сыллаахха тɵрɵɵбʏт. Активнай комсомолец. Чкалов аатынан колхоз ʏлэһитэ. 1942  сыллаахха армияҕа баран иһэн ыалдьан ɵлбʏт.

Константинов Николай Александрович I

       1910 сыллаахха Дʏпсʏн улууһун II Ɵспɵх нэһилиэгэр Дьэгэтэк илин баһыгар Аһык диэн алааска тɵрɵɵбʏт. 1939 сыллаахха «Саӊа хардыы» диэн артыалга, онтон салгыы 1940 с. Чкалов аатынан колхозка чилиэнинэн киирэн хонуу ʏлэһитэ буолбут. 1941 сыллаахха сэриигэ барбыт. Кыргыс толоонугар охтубут. Кɵмʏллʏбʏт сирэ биллибэт.

Мухин Дмитрий Егорович

       1915 сыллаахха Нам оройуонугар тɵрɵɵбʏт. 1938-40сс. II Ɵспɵх нэһилиэгэр с/совет секретарынан ʏлэлээбит. 1940 сыллаахха «Кыһыл сындыыс», «Саӊа хардыы» артыаллар холбоһон Чкалов аатынан биир колхоз буолууларыгар маӊнайгы председателинэн ʏлэлээбит. 1942 сыллаахха сэриигэ барбыт. Кыргыс толоонугар охтубут. Кɵмʏллʏбʏт сирэ биллибэт.

Парников Василий Данилович 

      1920 сыллаахха Найахы нэһилиэгэр Кэӊкэримэ диэн киэӊ алаас арҕаа баһынааҕы Ньоҕор диэн саппыйатын халдьаайытыгар тɵрɵɵбʏт. 1942 сыл бэс ыйыгар сэриигэ барбыт. Ханан сулууспалаабыта биллибэт. Ити сыл ахсынньытыгар ɵлбʏт.

Парников Дмитрий Федорович

     1987 сыллаахха Найахы нэһилиэгэр Быдьына диэн ɵрʏс кытылыныы хатыӊ чараӊнардаах кэрэ миэстэҕэ тɵрɵɵбʏт. Оскуолаҕа ʏɵрэммэтэр да кыратык ааҕар-суруйар буолбут. 1929 с. КООП диэн тэрилтэҕэ председателинэн ʏлэлээбит. 1931-32сс. Нам оройуонугар Арбын сельсоветыгар председателлээбит. 1940-41сс. сирэй председателинэн ʏлэлээбит. 1942 сыл бэс ыйыгар сэриигэ барбыт. 1943 сыл от ыйын 12 кʏнʏгэр Сталинград таһыгар кыргыһыыга киирээри олорорун туһунан нууччалыы сурук суруттаран ыыппыт. Ол тиһэх суруга. 1944 сыл ыам ыйыгар охсуһуу толоонугар охтубут.

Парников Филипп Николаевич

      1926 сыллаахха Найахы нэһилиэгэр тɵрɵɵбʏт. Начальнай ʏɵрэхтээх. «Саӊа тахсыы» колхоз хонуутун ʏлэһитэ. 1944 сыллаахха армияҕа барбыт. Японияны утары кыргыһыыга охтубут.

Румянцев Афанасий Семенович

      1919 сыллаахха Найахы нэһилиэгэр Таахаан диэн алааска тɵрɵɵбʏт. 7 кылаас ʏɵрэхтээх. «Саӊа тахсыы» колхоз чилиэнэ. 1942 сыл бэс ыйыгар сэриигэ барбыт. 1944 сыл олунньутугар охсуһуу толоонугар охтубут. Кɵмʏллʏбʏт уӊуоҕа ханна хаалбыта биллибэт.

Румянцев Егор Тимофеевич

     1906 сыллаахха Найахы нэһилиэгэр Кʏрэӊ ат алааска тɵрɵɵбʏт. Кыратык ааҕар-суруйар буолан, «Саӊа тахсыы» колхоһугар биригэдьиирдээбит. 1942 сыллаахха сэриигэ барбыт. 1942 сыл сэтинньитигэр охсуһуу толоонугар охтубут. Кɵмʏллʏбʏт уӊуоҕа ханна хаалбыта биллибэт.

Румянцев Иван Романович

    1899 сыллаахха Найахы Дьэӊкэрэтигэр Булгунньахтаах алааска тɵрɵɵбʏт. Аҕыйах саӊалаах, уус дьоҕурдаах колхозка маастардаабыт. 1942 сыллаахха сэриигэ барбыт. 1943 сыл сэтинньитигэр охсуһуу толоонугар охтубут.

Сивцев Николай Егорович

    1905 сыллаахха Найахы нэһилиэгэр Сʏʏс кустаах алааска тɵрɵɵбʏт. «Саӊа тахсыы» колхоз чилиэнэ. Холхоһугар биригэдьиирдээбит. Кэлин ферма сэбиэдиссэйинэн ʏлэлии сылдьан 1942 сыллаахха армиялаабыт. 1944 с. Украинаҕа Днепр ɵрʏһʏ туорааһыӊӊа охтубут.

Ушницкай Сергей Степанович

          1917 сыллаахха тɵрɵɵбʏт. Икки кылаас ʏɵрэхтээх. Сылгыһыттаабыт. 1941 сыллаахха сэриигэ барбыт. Москва анныгар тыӊааһыннаах кэмӊэ сʏппʏт. Ɵлʏгʏн булбатахтар.

Федоров Гаврил Прокопьевич

         1919 сыллаахха Найахы нэһилиэгэр Балыктаах Эбэ халдьаайытыгар тɵрɵɵбʏт. «Кыһыл сардаӊа» колхоһугар ʏлэлээбит. 1942 сыл бэс ыйыгар армияҕа ыӊырыллыбыт. 1943 сыл муус устар ыйга охтубут.

Фомин Михаил Семенович

          1910 сыллаахха Суотту Тугуттааҕар, былыргыта анды бɵҕɵ аараан тʏһэр алааһыгар тɵрɵɵбʏт. Оскуолаҕа ʏɵрэммэтэр да кыратык ааҕар-суруйар буолбут. Нэһилиэгэр атыылааччынан, кыладьыапсыгынан ʏлэлээбит. 1941 сыллаахха армияҕа ыӊырыллыбыт. Охсуһуу толоонугар охтубут. Кɵмʏллʏбʏт уӊуоҕа ханна хаалбыта биллибэт.

Фомин  Роман Евсеевич

         1919 сыллаахха балаҕан ыйын 25 кʏнʏгэр Найахы нэһилиэгэр тɵрɵɵбʏт. 1931 с. Икки кылаастаах оскуола аһыллыытыгар иккис кылааска быһа ылыллан оскуоланы бʏтэрбит, комсомолга киирбит. Ƴɵрэҕэ суохтары ʏɵрэхтэспит. 1940-42 сс. комсомольскай тэрилтэ секретарынан ʏлэлээбит. 1942 сыллаахха армияҕа ыӊырыллан барсан иһэн Иркутскай куоракка ыалдьан хаалбыт. Онтон ыла хайдах дьылҕаламмытын ким да билбэт.

Харитонов Егор Антонович

         1919 сыллаахха Найахы нэһилиэгэр Бʏгэр алааска тɵрɵɵбʏт. Найахы начальнай оскуолатынан ʏɵрэнэн бʏппʏт. «Кыһыл буксуур» колхозка хонуу араас ʏлэтигэр ʏлэлээбит. 1942 сыл балаҕан ыйын 15 кʏнʏгэр армияҕа ыӊырыллыбыт. Ол баран 1943 сыл ахсынньытыгар охсуһуу хонуутугар охтубут.

Гоголев Дмитрий Афанасьевич

     1915 сыллаахха Найахыга тɵрɵɵбʏт. Тɵрɵɵбʏт колхоһугар ʏлэлии сылдьан 1941 сыллаахха сэриигэ барбыт уонна сураҕа суох сʏппʏт.