Аҕа дойду сэриитин толоонугар охтубуттар

Атласов Иван Алексеевич

     1915 сыллаахха тɵрɵɵбʏт. 1942 сыллаахха бэс ыйын 15 кʏнʏгэр сэриигэ барбыт. Сэрии иннинэ Ленин аатынан колхозка бригэдьииринэн ʏлэлээбит. Сэриигэ баран сураҕа суох сʏппʏт.

Борисов Егор Иванович

     1910 сыллаахха тɵрɵɵбʏт. 1942 сыллаахха бэс ыйын 15 кʏнʏгэр сэриигэ барбыт. Сэриигэ барыар диэри Ленин аатынан колхоз чилиэнэ. 1943 сыллаахха ɵлбʏт.

Гоголев Гаврил Александрович-Эһэ Хабырыыс

      1916 сыллаахха тɵрɵɵбʏт. Армияҕа 1941 сыллаахха атырдьах ыйын 15 кʏнʏгэр ыӊырыллыбыт. 1943 сыллаахха ɵлбʏт. Кɵмʏллʏбʏт сирэ билибэт.

Гоголев Захар Лукич

     1921 сыллаахха тɵрɵɵбʏт. 1943 сыллаахха кулун тутар 1 кʏнʏгэр сэриигэ барбыт. 1944 сыллаахха Украинаҕа сэриилэһэ сылдьан сураҕа суох сʏппʏт.

Гоголев Иннокентий Александрович

     1922 (1917) сыллаахха тɵрɵɵбʏт. 1941 сыллаахха атырдьах ыйын 15 кʏнʏгэр сэриигэ барбыт. 1944 сыл кулун тутарга ɵлбʏт.

Жирков Петр Петрович

     1903 сыллаахха тɵрɵɵбʏт. 1944 сыллаахха атырдьах ыйын 10 кʏнʏгэр сэриигэ барбыт. 1945 сыллаахха Дьокуускай балыыһатыгар ɵлбʏт.

Заровняев Михаил Прокопьевич

     1918 сыллаахха тɵрɵɵбʏт. 1942 сыллаахха балаҕан ыйын 29 кʏнʏгэр сэриигэ ыӊырыллыбыт. Сэриигэ барыар диэри Даалыга Киров аатынан колхоз ʏлэлээбит. 1943 сыллаахха сураҕа суох сʏппʏт.

Захаров Николай Петрович

     1942 сыллаахха армияҕа барбыт. 42-с танковай биригээдэҕэ сылдьыбыт. Сэриигэ сураҕа суох сʏппʏт.

Иванов Петр Иннокентьевич

     1917 сыллаахха тɵрɵɵбʏт. Сэриигэ барыар диэри Лɵгɵй Сэбиэтин секретарынан ʏлэлээбит. 1941 сыллаахха атырдьах ыйын 1 кʏнʏгэр сэриигэ барбыт. 1942 сыллаахха олунньу ыйга ɵлбʏт.

Карамзин Данил Лазаревич

     1918 сыллаахха тɵрɵɵбʏт. Сэриигэ барыар диэри Томторго барабыыкка ыскылаат сэбиэдиссэйинэн ʏлэлээбит. 1942 сыллаахха бэс ыйын 6 кʏнʏгэр ыӊырыллыбыт. 1943 сыллаахха сэриилэһэ сылдьан  ɵлбʏт.

Карамзин Егор Лазаревич

     1922 сыллаахха тɵрɵɵбʏт. Томтор оскуолатын ʏɵрэнэн бʏтэрбит. Сэриигэ барыар диэри Дьокуускай куоракка учуутал ʏɵрэҕэр  ʏɵрэммит. 1941 сыллаахха атырдьах ыйын 15 кʏнʏгэр ыӊырыллыбыт. 1943 сыллаахха ɵлбʏт.

Карамзин Тихон Никитич

     1914 сыллаахха Лɵгɵй нэһилиэгэр тɵрɵɵбʏт. Аҕыйах кылаас ʏɵрэхтээх. Сэриигэ барыар диэри Томторго маҕаһыыӊӊа атыылааччынан ʏлэлээбит. 1941 сыллаахха атырдьах ыйын 15 кʏнʏгэр сэриигэ барбыт. 1942 сыллаахха Украинскай фроӊӊа ɵлбʏт.

Копырин Михаил Иванович

     1922 сыллаахха тɵрɵɵбʏт. 1942 сыллаахха балаҕан ыйын 29 кʏнʏгэр сэриигэ ыӊырыллыбыт. 1943 сыллаахха сураҕа суох сʏппʏт. Кɵмʏллʏбʏт сирэ билибэт.

Копырин Филипп Саввич

     1915 сыллаахха тɵрɵɵбʏт. Сэриигэ барыан иннинэ Ленин аатынан колхозка кыладьыапсыгынан ʏлэлээбит.  1941 сыллаахха атырдьах ыйын 15 кʏнʏгэр сэриигэ барбыт. 1941 сыллаахха сураҕа суох сʏппʏт.

Мигалкин Василий Спиридонович I

     1900 сыллаахха I Лɵгɵй нэһилиэгэр тɵрɵɵбʏт. Ƴɵрэҕэ суох. 1929-30сс. II Лɵгɵйгɵ «Кɵтɵҕʏллʏʏ» колхозка баран председателинэн ʏлэлээбит.  1941 сыллаахха сэриигэ барбыт. Оренбургскай уобалас Юг станцияҕа байыаннай ʏɵрэҕи барбыт. Ƴɵрэҕин бʏтэрэн фроӊӊа барбыт уонна сураҕа суох сʏппʏт.

Мигалкин Петр Иосифович

     1910 сыллаахха I Лɵгɵй нэһилиэгэр тɵрɵɵбʏт. 1942 сыл бэс ыйын 15 кʏнʏгэр сэриигэ барбыт. Рядовой. Ити сыл сэриилэһэ сылдьан ɵлбʏт.

Нафанаилов Прокопий Николаевич

     1916 сыллаахха тɵрɵɵбʏт. 1941 сыллаахха атырдьах ыйын 15 кʏнʏгэр сэриигэ барбыт. Сэриигэ барыар диэри Дьокуускай куоракка юридическай оскуолаҕа ʏɵрэммит. Сураҕа суох сʏппʏт. Кɵмʏллʏбʏт сирэ билибэт.

Никифоров Роман Трофимович

     1919 сыллаахха тɵрɵɵбʏт. Сэриигэ барыан иннинэ Ленин аатынан колхозка ʏлэлээбит.  1942 сыллаахха бэс ыйын 15 кʏнʏгэр сэриигэ барбыт. 1943 сыллаахха ɵлбʏт.

Олесов Петр Иванович

     1915 сыллаахха тɵрɵɵбʏт. Сэриигэ барыан иннинэ Сыӊаах нэһилиэгэр Киров аатынан колхозка передседателлээбит. 1942 сыллаахха бэс ыйын 15 кʏнʏгэр сэриигэ барбыт. 1944 сыллаахха ɵлбʏт.

Олесов Гаврил Платонович

     1916 сыллаахха тɵрɵɵбʏт. Сэриигэ барыан иннинэ Дьокуускай куоракка учуутал ʏɵрэҕэр ʏɵрэммит. 1942 сыллаахха бэс ыйыгар сэриигэ барбыт. 1943 сыллаахха ɵлбʏт.

Олесов Дмитрий Игнатьевич

     1915 сыллаахха тɵрɵɵбʏт. Сэриигэ барыан иннинэ учууталлаабыт. 1941 сыллаахха атырдьах ыйын 15 кʏнʏгэр сэриигэ барбыт. 1942 сыллаахха сураҕа суох сʏппʏт.

Олесов Иван Петрович

     1918 сыллаахха тɵрɵɵбʏт. Сэриигэ барыан иннинэ Чурапчы улууһугар прокурорунан ʏлэлээбит. 1941 сыллаахха атырдьах ыйын 15 кʏнʏгэр сэриигэ барбыт. 1943 сыллаахха сураҕа суох сʏппʏт.

Олесов Петр Петрович

     1919 сыллаахха тɵрɵɵбʏт. Сэриигэ барыан иннинэ Киров аатынан колхозка ʏлэлээбит. 1941 сыллаахха сэриигэ барбыт. 1942 сыллаахха сураҕа суох сʏппʏт.

Охлопков Яков Константинович

     1912 сыллаахха тɵрɵɵбʏт. Сэриигэ барыан иннинэ «Куоталаһыы» колхозка суоччутунан ʏлэлээбит. 1941 сыллаахха атырдьах ыйын 15 кʏнʏгэр сэриигэ барбыт. 1942 сыллаахха сураҕа суох сʏппʏт.

Павлов Степан Тимофеевич

     1918 сыллаахха тɵрɵɵбʏт. Сэриигэ барыар диэри МТС-ка ʏлэлээбит. 1941 сыллаахха атырдьах ыйыгар сураҕа суох сʏппʏт.

Павлов Роман Степанович

    1918 сыллаахха тɵрɵɵбʏт. Сэрии иннинэ колхозка кыладьыапсыгынан, биригэдьииринэн, бэрэсээдэтэлинэн ʏлэлээбит.  1942 сыллаахха сэриигэ барбыт. 1943 сыллаахха ɵлбʏт.

Павлов Иван Васильевич

     1918 сыллаахха тɵрɵɵбʏт. Сэриигэ барыан иннинэ Ленин аатынан колхоз чилиэнэ.  1942 сыллаахха бэс ыйын 15 кʏнʏгэр сэриигэ барбыт. Ити сыл сураҕа суох сʏппʏт.

Попов Гаврил Иванович

     1918 сыллаахха тɵрɵɵбʏт. Сэриигэ барыан иннинэ Дьокуускай куоракка музыкальнай училищеҕа  ʏɵрэҕэр ʏɵрэнэ сылдьыбыт. 1942 сыллаахха бэс ыйын 15 кʏнʏгэр сэриигэ барбыт. 1943 сыллаахха ɵлбʏт.

Попов Кирилл Семенович

     1903 сыллаахха тɵрɵɵбʏт. Сэриигэ барыан иннинэ «Куоталаһыы» колхозка ууһунан ʏлэлээбит.  1942 сыллаахха атырдьах ыйын 28 кʏнʏгэр сэриигэ ыӊырыллыбыт. 1943 сыллаахха ɵлбʏт.

Попов Михаил Спиридонович

     1913 сыллаахха тɵрɵɵбʏт. Сэриигэ барыан иннинэ «Куоталаһыы» колхозка ʏлэлээбит, тракторист идэлээх.  1941 сыллаахха атырдьах ыйын 15 кʏнʏгэр барбыт. 1942 сыллаахха ɵлбʏт.

Протопопов Еремей Васильевич

     1917 сыллаахха тɵрɵɵбʏт. Сэриигэ Дьокуускай куоракка ʏɵрэнэ сылдьан 1941 сыллаахха атырдьах ыйын 15 кʏнʏгэр сэриигэ барбыт. 1943 сыллаахха сураҕа суох сʏппʏт.

Пухов Василий Прокопьевич

     1914 сыллаахха тɵрɵɵбʏт. Сэриигэ барыан иннинэ Киров аатынан колхозка ʏлэлээбит. 1942 сыллаахха балаҕан ыйын 29 кʏнʏгэр сэриигэ барбыт. 1943 сыллаахха ɵлбʏт.

Сысолятин Егор Михайлович

     1917 сыллаахха I Лɵгɵй нэһилиэгэр тɵрɵɵбʏт. 1942 сыллаахха сэриигэ ыӊырыллыбыт. Рядовой. 1942 сыллаахха ɵлбʏт.