Алексеев Иван Петрович I

     1917 сыллаахха Сыӊаах нэһилиэгэр Хааттыга тɵрɵɵбʏт. 1930 сыллаахха Ворошилов аатынан колхозка чилиэнинэн киирбит. 3 кылаас ʏɵрэхтээх. МТС тракториһа, комсомол чилиэнэ. 1941 сыллаахха атырдьах ыйын 10 кʏнʏгэр армияҕа ыӊырыллыбыт. Ленинградскай фроӊӊа сэриилэһэ сылдьан сураҕа суох сʏппʏт.

Алексеев Петр Михайлович

     1909 сыллаахха Сыӊаах нэһилиэгэр Хааттыга тɵрɵɵбʏт. 1942 сыллаахха армияҕа ыӊырыллыбыт. 1942 сыллаахха сэриилэһэ сылдьан сураҕа суох сʏппʏт.

Алексеев Петр Тихонович

     Сыӊаах нэһилиэгэр Хааттыга тɵрɵɵбʏт. 1930 сыллаахха Ворошилов аатынан колхоз чилиэнэ. Колхоз солбуйар председателэ. 1941 сыллаахха атырдьах ыйын 15 кʏнʏгэр армияҕа ыӊырыллыбыт. 1941 сыллаахха кыргыһыыга охтубут. Кɵмʏллʏбʏт сирэ биллибэт.

Алексеев Прокопий Николаевич

     1917 сыллаахха Сыӊаах нэһилиэгэр Хааттыга тɵрɵɵбʏт. 1930 сыллаахтан колхоз чилиэнэ. 4 кылаас ʏɵрэхтээх. Колхоз суоччута. 1941 сыллаахха армияҕа ыӊырыллыбыт. Ленинградскай фроӊӊа сылдьан кыргыһыыга охтубут.

Алексеев Савва Иосифович

     1917 сыллаахха Сыӊаах нэһилиэгэр Хааттыга тɵрɵɵбʏт. 1941 сыллаахха атырдьах ыйын 20 кʏнʏгэр армияҕа ыӊырыллыбыт. 1941 сыллаахха ɵлбʏт. Кɵмʏллʏбʏт сирэ биллибэт.

Аржаков Иннокентий Егорович

     1912 сыллаахха Тумулга тɵрɵɵбʏт. 1942 сыллаахха сэриигэ ыӊырыллыбыт. 1942 сыллаахха Орел куорат иһин кыргыһыыга ɵлбʏт. Кɵмʏллʏбʏт сирэ биллибэт.

Аржаков Прокопий Егорович

     1918 сыллаахха Тумулга тɵрɵɵбʏт. 1942 сыллаахха сэриигэ ыӊырыллыбыт. 1945 сыллаахха сэриигэ ɵлбʏт. Кɵмʏллʏбʏт сирэ биллибэт.

Барашков Роман Михайлович

     1903 (1909) сыллаахха Тумулга тɵрɵɵбʏт. Бэйэтин баҕатынан ааҕар-суруйар буолбут. Ферма сэбиэдиссэйинэн ʏлэлээбит.  1942 сыллаахха сэриигэ ыӊырыллыбыт. 1943 сыллаахха Днепри туорааһыӊӊа геройдуу охтубут.

Заровняев Василий Петрович

     1917 (1909) сыллаахха Сыӊаах нэһилиэгэр тɵрɵɵбʏт. 1942 сыллаахха армияҕа ыӊырыллыбыт. 1943 сыллаахха Орловскай уобалас Перхо дэриэбинэтин иһин кыргыһыыга охтубут. 1944 сыллаахха муус устарга ɵлбʏт. Кɵмʏллʏбʏт сирэ биллибэт.

Константинов Дмитрий Иннокентьевич I

     1916 сыллаахха Сыӊаах нэһилиэгэр тɵрɵɵбʏт. 1942 сыллаахха бэс ыйын 15 кʏнʏгэр армияҕа ыӊырыллыбыт. 1943 сыллаахха Орловскай уобаласка ɵлбʏт. Кɵмʏллʏбʏт сирэ биллибэт.

Копырин Иннокентий Михайлович

     1920 сыллаахха Сыӊаах нэһилиэгэр тɵрɵɵбʏт. 1942 сыллаахха балаҕан ыйын 29 кʏнʏгэр армияҕа ыӊырыллыбыт. 1943 сыллаахха ɵлбʏт. Кɵмʏллʏбʏт сирэ биллибэт.

Копырин Константин Васильевич

     1912 сыллаахха Сыӊаах нэһилиэгэр тɵрɵɵбʏт. 1942 сыллаахха армияҕа ыӊырыллыбыт. Хаһан, ханна ɵлбʏтэ биллибэт.

Новоприезжай Василий Гаврильевич I

     1924 сыллаахха Тумулга тɵрɵɵбʏт. 1931 сыллаахха «Саӊа суол» колхозка чилиэнинэн киирбит. 1942 сыллаахха кулун тутар ыйга Украинскай Фроӊӊа охтубут.

Охлопков Иван Михайлович

     1912 сыллаахха II Суотту нэһилиэгэр тɵрɵɵбʏт. 1942 сыллаахха бэс ыйын 15 кʏнʏгэр армияҕа ыӊырыллыбыт. Донбаһы ылыы иһин, Ново-Александровскай оройуон Камышеваха, Успенская нэһилиэнньэлээх пууннары босхолооһуӊӊа кыттыыны ылбыта. Ɵлбʏт сирэ биллибэт.

Охлопков Михаил Серафимович

     1925 сыллаахха II Суотту нэһилиэгэр тɵрɵɵбʏт. Сэриигэ ыӊырыллыбыт. 1944 сыллаахха сэтинньи ыйга армияҕа ɵлбʏт.  Кɵмʏллʏбʏт сирэ билибэт.

Петухов Афанасий Антонович II

     1921 сыллаахха Сыӊаах нэһилиэгэр Хардыыга тɵрɵɵбʏт. 1941 сыллаахха армияҕа ыӊырыллыбыт. Ленинградскай фроӊӊа сэриилэһэ сылдьан Нарва куорат иһин кыргыһыыга ыараханнык бааһырбыт. 1941 сыллаахха сэтинньи 10 кʏнʏгэр Томскай куоракка госпитальга сытан ɵлбʏт. Кɵмʏллʏбʏт сирэ билибэт.

Петухов Николай (Данил) Антонович II

     1922 сыллаахха Сыӊаах нэһилиэгэр Хардыыга тɵрɵɵбʏт. 1942 сыллаахха армияҕа ыӊырыллыбыт. 1942 сыллаахха алтынньы ыйга Сталинград иһин кыргыһыыга ɵлбʏт.  

Петухов Афанасий Петрович

     1916 сыллаахха Сыӊаах нэһилиэгэр Хааттыга тɵрɵɵбʏт. 1930 сылтан Ворошилов аатынан колхоз чилиэнэ. 1942 сыллаахха бэс ыйын 27 кʏнʏгэр сэриигэ ыӊырыллыбыт. 1944 сыллаахха тохсунньу 14 кʏнʏгэр Ленинградскай уобаласка сэриилэһэ сылдьан кырыктаах кыргыһыыга ɵлбʏт.

Петухов Иван Асамович

    1912 сыллаахха Сыӊаах нэһилиэгэр тɵрɵɵбʏт. Сэриигэ барыар диэри Ворошилов аатынан колхоз биригэдьииринэн ʏлэлээбит. 1942 сыллаахха сэриигэ ыӊырыллыбыт. 1942 сыллаахха Орел куоракка кыргыһыыга ɵлбʏт.

Петухов Роман Семенович

    1914 сыллаахха Сыӊаах нэһилиэгэр тɵрɵɵбʏт. МТС тракториһа. 1942 сыллаахха сэриигэ ыӊырыллыбыт. 1942 сыллаахха алтынньы 16 кʏнʏгэр Ленинградскай уобалас Островскай оройуонун Варварино дэриэбинэтин иһин кыргыһыыга охтубут. Онтон 1943 с. ити уобаласка ɵлбʏт.

Прокопьев Филипп Иванович

     1925 сыллаахха II Суотту нэһилиэгэр тɵрɵɵбʏт. Армияҕа 1942 сыллаахха атырдьах ыйын 20 кʏнʏгэр ыӊырыллыбыт.

Халдеев Николай Ермолаевич

     1900 сыллаахха II Суотту нэһилиэгэр тɵрɵɵбʏт. 1931 сыллаахха «Саӊа суол» колхозка киирбит. Армияҕа ыӊырыллыбыт. 5-с стрелковай дивизия 107-с стрелковай полкатын стрелога Орловскай уобаласка сэриилэһэ сылдьан 1942 сыллаахха алтынньы 5 кʏнʏгэр ɵлбʏт. Кɵмʏллʏбʏт сирэ билибэт.