үлэлээбит эһэтин Васильев Петр Николаевич, аҕатын тыыл ветерана Васильев Митрофан Григорьевич уонна 4 бииргэ төрөөбүт убайдара сэриигэ ыҥырыллан, олохторун толук ууран эйэлээх олоҕу уһансыбыттарын долгуйан туран кэпсээтэ. Фотовыставкаҕа ытык дьонноругар планшет оҥотторон үйэтиппитин уонна сэдэх 1908 сыллаагы хаартыскалары аҕалан быыстапкаҕа туруоран көрдөрдө, билиһиннэрдэ. Тэрээһиҥҥэ 2-с кылаас үөрэнээччилэрэ, үһүс саас оскуола чилиэттэрэ кыттыыны ыллылар. Маннык интэриэһинэй тэрээһиннэр, Улуу Кыайыы 75 сылын көрсө ыытыллан иһиэхтэрэ. Ытык дьоннорбут, ветераннарбыт сырдык ааттарын үйэлэргэ үйэтитэр ытык иэспит! "Ким да умнуллубат, туох да умнуллубат!"