Быыстапканы музыкальнай доҕуһуолунан Бороҕоннооҕу оҕо музыкальнай оскуолата «Музыка барыбытыгар» проект чэрчитинэн, Тандатааҕы филиал флейта кылааһа уонна Мындааба орто оскуолатын үөрэнээччилэрэ уонна педагогтара киэргэттилэр. Оскуола музейдара үөрэнээччилэри, муспут матырыйаалларынан, күннэтэ көрөр дьоннорун, эһээлэрин, эбээлэрин олохторунан Ийэ дойдуну таптыырга, киэҥ туттарга уһуйан үөрэтэллэр, чинчийэр-ирдиир үлэлэри ситимнээхтик ыыталлар. Хас биирдии үөрэх тэрилтэтэ олунньу 25 күнүттэн саҕалаан Кыайыы халандаарын оҥостон, тэрээһиннээх үлэлэри ыыталлар.

Быыстаапка кыттыылаахтарын улуус депутаттарын советын председателя Иван Иванович Колодезников, улуус үөрэҕин управлениятын начальнига Ирина Михайловна Тарская, Тумул орто оскуолатын музейын салайааччыта Акулина Степановна Сокольникова эҕэрдэлээтилэр.

Сэрии баастаах көлүөнэ сыллата аҕыйаан иһэр, олоххо саҥа, сэриини билбэтэх көлүөнэ кэлэр. Саҥа көлүөнэ уруккуну ытыктыырын, билэрин туһуттан оскуола музейдара ыытар сыралаах үлэлэрин сыаналыыбыт, махтанабыт! Ким да умнуллубат, туох да умнуллубат!