
Бырайыакпыт суолтатын, сыалын-соругун икки бэтэрээн олорор нэһилиэкгэрин дьаһалталара тута өйдөөн, “бу кэскиллээх саҕалааһын” эбит диэн, бастакынан бэйэлэрэ уонна нэһилиэк дьокутааттара кыттыһан, харчынан көмө уга, үлэбит саҕаламмыта. Бу күҥҥэ бэтэрээн ыра санаата туоларын туһугар II Лөгөй, Найахы, Бороҕой, Байаҕантай, Бээрийэ, Түүлээх, I Өспөх, Чэриктэй, II Байаҕантай, Дүпсүн нэһилиэктэрэ кылааттарын киллэрдилэр. Онтон Улуу Кыайыы 76 сылын көрсөр үөрүүлээх күҥҥэ бырайыакпытын Баатаҕай нэһилиэгин дьаһалтатьш баһылыга Михаил БЕЛОЛЮБСКАЙ, дьокутааттар өйөөтүлэр. Онон, бу күҥҥэ барыга 121 тый. 700 солк. хомулунна. Салгыы маннык көхтөөхтүк, бу тэтими ыһыктыбакка бырайыакка кыттар чиэс Лөгой нэһилиэгэр атаарылынна. Бу курдук бука бары түмэн, ытык дьоммутугар уҕараабат болҕомтобутун, кыйамньыбытын ууран, кинилэр билигин нус-хас, сылаас, чэгиэн-чэбдик олохторун туһугар кыра да буоллар, көмөбүтүн анаан, кылааппытын киллэрэн, өрүү кинилэргэ махтана сылдьарбытын умнуо суохтаахпыт. Бэтэрээн ыра санаата туоллун, дьон махтала кэлэ турдун!
Екатерина ЗАХАРОВА / Мүрү саһарҕата, ыам ыйын 7 к.2021 с.