Ыам ыйын 9 күнэ — уоттаах сэрии аһыытын, эрэйин-муҥун эттэринэн-хааннарынан билбит дьиэ кэргэттэр сыдьааннарьш, XX үйэ чумаатын — нацизмы кыайыы туһунан кырдьык сотуллубатын-суураллыбатын өйдүүр, билинэр мөлүйүөнүнэн дьону түмэр бүттүүн норуот бырааһынньыга. Ыам ыйын 9 күнэ — дойдубут хас биирдии олохтооҕор ытык күн буолбута, буолар уонна буола туруоҕа. Бу күннэргэ Аҕа дойдуну фашист халабырдьыттарыттан көмүскээбит ытык кырдьаҕастарбытын, Ийэ дойдубутугар эрэ буолбакка, бүтүн Аан дойдуга хорсун, эрдээх санааларынан уонна дьоруойдуу быһыыларынан или-эйэни уйансыбыт, Улуу Кыайыыны аҕалбыт бэтэрээннэрбитин ахгарбытын-саныырбытын биллэрэбит. Аҕа дойду Улуу сэриитин тыйыс тыына, алдьархайдаах иэдээнэ уонна ыар сыллара таарыйбатах саха ыала диэн суох. Саха сиритгэн 62 тыһыынчаттан тахса киһи Кыһыл аармыйа кэккэтигэр ыҥырыллыбыта. Биһиги Аҕа дойду Улуу сэриитин хонуутугар саа-саадах тутуурдаах эрдээхтик сэриилэспит биир дойдулаахтарбыт хорсун быйыыларынан киэн туттабыт. Тыһыынчанан биир дойдулаахтарбыт тыылга Улуу Кыайыы күнүн уһансан үлэлээбиттэрэ-хамсаабыттара умнууга хаалбат. Саха сирин олохтоохторо оборуона пуондатыгар 37 мел. солк., судаарыстыбаннай иэс облигациятынан — 57 мөл. солк., 2,9 киилэ кем у h у, 550 киилэ урун' кемустэн шгойуллубут киэргэли уонна ийити-хомуойу туттарбыта. Таанканы уонна самолету оҥорууга өрөспүүбүлүкэ олохтоохторо 27 мөлүйүөнтэн тахса солкуобайы ыыппыттара. Тэҥнээн көрдөххө, 1940 сыллааҕы Саха сирин бүддьүөтэ 190 мөл. солкуобай этэ. Ийэ дойдуну көмүскээччилэр хорсун быһыыларын уонна тыылга үлэлээбит хас биирдии киһйи эрдээх санаатын кэриэстиир билиҥҥи көлүөэ ытык иэһэ буолар. Биһиги аҕаларбыт-ийэлэрбит үтүө дьыалаларын дьоһуннаахтык салҕаан, өрөспүүбүлүкэбит бигэтик сайдарын хааччыйыах тустаахпыт. Күндү Саха сирин олохтоохторо! Эһиэхэ чэгиэн доруобуйаны, уһун дьоллоох олоҕу, ИЛИ -ЭЙЭНИ , ЭТЭҤҤЭ буолууну уонна дьолусоргуну баҕарабын. Улуу Кыайыы күнүнэн!
СӨ Ил Түмэнин Бэрэссэдээтэлэ Петр ГОГОЛЕВ./ Мүрү саһарҕата. ыам ыйын 7 к.2021 с.,С.2