Аҕа дойду Улуу сэриитигэр Найахы нэһилиэгиттэн 135 киһи ыҥырыллыбытыттан, 69 киһи сэрии хонуутугар геройдуу охтубуттар, ол иһигэр Иван Федорович Сивцев, Курскай тоҕой иһин кырыктаах кыргыһыы толоонугар 280-с стрелковай дивизия инники күөнүгэр сэриилэһэ сылдьан 1943 сыллаахха сураҕа суох сүппүтэ. 79 сыл буолан баран сураҕа суох сүппүт саллааттары көрдүүр этэрээт Иван Федорович кырамтатын булан төрөөбүт дойдутугар ыыттылар. Ол кырамтатын төрөөбүт дойдутугар көмүү сиэрэ-туома ыытылынна. Манна кыттыыны ыллылар Уус Алдан улууһун баһылыга Алексей Федотов, СӨ культурнай нэһилиэстибэ объектарын харыстыыр Департаменын салайааччыта Николай Макаров, СӨ бойобуой дьайыыларын бэтэрээннэрин бэрэссэдээтэлэ, СӨ байыаннай комиссарын көмөлөһөөччүтэ Николай Грибенников, Уус Алдан улууһун бэтэрээннэр Сэбиэттэрин бэрэссэдээтэлэ Олег Федоров, Иван Сивцев аймахтара уо.д.а.
Иван Федорович аҕатынан Сивцевтэр аймах, Найахы төрүтэ буолбут Наантааннартан төрүттээх, ийэтинэн Федоровтар халыҥ аймах ыччата. 1908 сыллаахха Найахы нэһилиэгэр төрөөбүтэ, 30-с сылларга куоракка көһөн киирэннэр, 1942 сыллаахха столярынан үлэлии сылдьан, Дьокуускай куораттан кулун тутар ыйга сэриигэ ыҥыраллан, Курскай тоҕойго, инники кирбиигэ, хаан тохтуулаах кыргыһыыга, Ийэ дойдутун туһугар олоҕун толук уурбута.
Кини уҥуоҕун кырамтата көстүбүтүн туһунан олунньу ыйга Ватсап нөҥүө билбиттэр, аймахтара, онтон көрдөөһүн, аҕалтарыы үлэтэ саҕаламмыта. Онно көмөлөспүт Национальнай архыып, национальнай библиотека, партийнай архыып үлэһиттэригэр, күүстээх көмөнү оҥорбут аймахтарыгар Борис Васильевка, Дьокуускай куораттааҕы Поисковай этэрээт үлэһиттэригэр, улахан үлэни ыыппыт СӨ культурнай нэһилиэстибэ объектарын харыстыыр Департаменын салайааччыта Николай Макаровка, СӨ бойобуой дьайыыларын бэтэрээннэрин бэрэссэдээтэлэ, СӨ байыаннай комиссарын көмөлөһөөччүтэ Николай Грибенниковка, ону сэргэ Иван Федорович кырамтата дойдутугар төннөн төрүт буорун булуутугар эмиэ да үөрүүлээх, эмиэ да кутурҕаннаах тэрээһиҥҥэ күүс-көмө буолбут бар дьонноругар аймахтара дириҥ махталларын тиэртилэр.
Бүгүҥҥү бу, Иван Федорович кырамтатын көмүү сиэригэр-туомугар кыттыбыт дьон, кини олоҕун, дьонун-сэргэтин ахтан санаан аастылар. Инникитин өссө кини хаартыскатын көрдөөһүнтэн саҕалаан, сиһилии олоҕун үөрэтэргэ, итинэн сиэттэрэн тыылга үлэлээбит дьоннорун ааттарын тилиннэриигэ элбэх үлэ ыытыллыахтааҕын бэлиэтээтилэр.
Найахы нэһилиэгэр сэрии саҕана 800-кэ киһи олорбутуттан сэрии хонуутугар, аас-туор, аччык олохтон, биэс сыл устата, тыылга барыта 215 киһи өлбүтэ биллэр, онон ыарахан содуллаах сэрии хаһан да хатыламматыгар, өрүү эйэлээх олох буоларыгар баҕаран туран Улуу Кыайыы 77 сылынан эҕэрдэлээһининэн тэрээһин түмүктэннэ.
Улуус дьаһалтатын пресс-сулууспата.