(1906-1972)
1906 сыллаахха Баатаҕай нэһилиэгэр Ньээккээйигэ төрөөбүт. Колхозка хонуу үлэтигэр үлэлээбит. Армияҕа 1942 сыллаахха ыҥырыллыбыт. Ааллаах-Үүҥҥэ таһаҕас таһыытыгар сылдьыбыт. Онтон ыалдьан төннөн кэлбит. Аграфена Михайловна Стрекаловскаяны кэргэн ылбыт. Хаста да оҕоломмутуттан 2 эрэ оҕо тыыннаах хаалбыт — Петр уонна Михаил. Петр 7 оҕолоох, 7 сиэннээх, Михаил 3 оҕолоох, 2 сиэннээх. Петр Петрович «1941-1945 сс. Аҕа дойду Улуу сэриитин сылларыгар килбиэннээх үлэтин иһин» мэтээллээх. 1972 сыллаахха ыалдьан өлбүтэ.
