(1921-????)
1921 сыллаахха тохсунньу 1 күнүгэр Баатаҕай нэһилиэгэр төрөөбүтэ. 1941 сыллаахха Баатаҕай нэһилиэгэр Молотов аатынан колхозка кыладыапсыгынан үлэлээбитэ. 1942 сыллаахха атырдьах ыйын 18 күнүгэр аармыйаҕа ыӊырыллан барбыта. 1945 сыл атырдьах ыйын 9 күнүттэн балаҕан ыйын 3 күнүгэр диэри Японияны утары сэриигэ сылдьыбыт. Хайлар уонна Цысыгар куораттары босхолоспут. Дьиэтигэр 1947 сыллаахха төннөн кэлбит. 1948-49 сс. Баатаҕай нэһилиэгин маҕаһыыныгар продавеһынан, онтон 1950-58 сс. шоферунан үлэлээбит. 1958 сыллаахха Уус-Алдан мясомолпромугар арыы маастарынан уонна шоферунан үлэлээбитэ. 1963 сыллаахтан Дьокуускай куоракка киирэн механик үлэтигэр 22 сыл үлэлээбит. 1985 с. ыла пенсияҕа олорор. Кэргэнинээн Евдокия Егоровналыын 47 сыл бииргэ олорон 2 оҕолоохтор, 8 сиэннээхтэр. Аҕа дойду сэриитин орденынан, «Хорсунун иһин», «Японияны кыайыы иһин» уонна үгүс юбилейнай медалларынан наҕараадаламмыта.
