Аргунов Роман Семенович (1912-1979) 

II Байаҕантай нэhилиэгэр төрөөбүтэ. Дьонноро - Семен Тихонович, (Арсентьева) Дария Никитична Аргуновтар. Эрдэ тулаайах хаалан аймахтарыгар иитиллибиттэр. Сэриигэ бииргэ төрөөбүт үс уол кыттыбыттара. Аччыгый уол Петр Семенович сэрииттэн эргиллибэтэҕэ. Роман Семенович сэриигэ 15.07.1941 с. Түүлээх Халыматыттан ыҥырыллыбыт. Санитарнай ротаҕа сулууспалаабыта. 1946 с. сэрииттэн кэлбитэ, сэрии кэнниттэн Бээрийэ нэһилиэгэр олорбута. Кэргэнэ Маайа диэн. Биир кыыс оҕолоох, 2 сиэннээх, хос сиэннэрдээх. «Хорсунун иһин», «Германияны кыайыы иһин» мэтээллэринэн наҕараадаламмыт.