
Төрөөбүт сирэ Дьуона алааһа (Тохтотой). Сэриигэ 1942 с. ыҥырыллыбыт, Японияҕа сэриилэспит. Сэрииттэн кэлэн баран райпоҕа пенсияҕа тахсыар диэри үлэлээбитэ. Кэргэнэ Саввина Екатерина Максимовна, оҕолордоох, сиэннэрдээх. Аҕа дойду сэриитин II ст. орденынан, «Японияны кыайыы иһин» мэтээлинэн наҕараадаламмыт.