Ховров Николай Дмитриевич
(1924-1944)
1924 сыллаахха Курбуһах Моххотугар төрөөбүтэ. Мүрү оскуолатыгар 9 кылааһы бүтэрбитэ. 1943 сыллаахха армияҕа ыҥырыллыбыта. Мальта станциятыгар бэлэмнэнэр байыаннай үөрэххэ сылдьан тымныйан тыҥатыгар оҕустарбыта. Госпитальга сытан өр кэмҥэ жмтжммитэ уонна 1944 сыллаахха күһүн демобилизацияланан кэлбитэ. Кэлэн ый эрэ курдук буолаат ыалдьан өлбүтэ.
