( 1 9 2 0 - 1 9 7 6 )
1920 сыл Хоро нэһилиэгэр Ат оттуур диэн алааска төрөөбүтэ. Иван Чараҥ начальнай оскуолатын, онтон Мүрү оскуолатын бүтэрбитэ. “Куотука” колхозка үлэтин саҕалаабыта. 1942 сылга үлэ фронугар ыҥырыллан Тиксиигэ баран үлэлээбитэ. Кэлбитин кэннэ бэбиэскэлээннэр илиҥҥи фроҥҥа барбыта. Японияны утары сэрии кыттыылааҕа... Дойдутугар эргиллэн баран наар баһаарынай охранаҕа өлүөр диэри (1976 с.) үлэлээбитэ.