
Төрөөбүт сирэ Хаптаанньа үрэҕэ — Булгунньахтаах. Сэриигэ 1943 с. бу сиргэ олорон ыҥырыллыбыт. Дальнай Востокка сулууспалаабыт, Гоби кумах куйаары туорааһыҥҥа тэбиэн караваҥҥа уу тиэйбит эшалоҥҥа сылдьыбыта. Үөрэҕэ суох, «Пятилетка» колхоз чилиэнэ, стахановец. Кэргэнэ Андросова Марфа Егоровна. Үс оҕолоох, сиэннэрдээх.
Аҕа дойду II ст. орденынан, «Японияны кыайыы иһин», «1941-45 сс. Аҕа дойду Улуу сэриитин сылларыгар килбиэннээх үлэтин иһин» мэтээллэринэн наҕараадаламмыт.









