ПОПОВА ЗИНАИДА ФЕДОТОВНА
1933 сыл от ыйын 28 күнүгэр Лөгөй нэһилиэгэр төрөөбүтэ.
Сэрии ыар сыллара буолан ситэ үөрэммэтэҕэ, түөрт кылааһынан бүппүтэ. Саастыылаахтарын кытта тэҥҥэ от, бурдук үлэтигэр сайын аайы үлэлииллэрэ. 1949 сыллаахха арҕаа нэһилиэктэргэ аһыҥка ыһан от үүммэккэ II Байаҕантай нэһилиэгэр оттуу сэттэ кыыс буолан кэлбиттэр. 1950 с. олохтоох Дмитрий Бысыинна кэргэн тахсан холкуоска ыанньыксытынан, үүт тутааччынан үлэлээбитэ, кэлин пенсияҕа тахсыар диэри оскуолаҕа техглэһитинэн үлэлээбитэ. 9 оҕону төрөтөн 8 оҕону атаҕар туруорсан, сиэннэрдэнэн баран 1993сыллаахха бу олохтон барбыта.