АЛЕКСЕЕВА МАРИЯ КОНСТАНТИНОВНА

Уус-Алдан улууһун Дүпсүн нэһилиэгэр 1929 сыллаахха Алексеевтар дьиэ кэргэттэригэр төрөөбүтэ.

Урукку олох охсуутугар эрдэ тулаайах хаалбыта. Аймохтарыгар эҥэрдэһэн оҕо сааһыттан кыһалҕаны билэ улааппыта.

Борогоҥҥо кирпииччэ собуотугар үлэлии сылдьан 1950 с. промкомбинаткак үлэлиир Бүөтүр Маппыайапка кэргэн тахсан Тиит-Арыыга олохсуйан, дьиэ-уот туттан, сүөһү ииттэн, элбэх оҕолонон бэрт үчүгэйдик олорбуттара.

Эбээбит Мария ыраас туттуулаах, эйэҕэс майгылаах киһи этэ.. кини элбэх оҕолоох буолан оҕолорун көрөн-харайан, таҥастарын-саптарын, астарын-үөллэрин бэрийэн хоп курдук олорбуттара.

Мария Константиновна 2 кыыс, 6 уол күн күбэй ийэтэ, элбэх сиэн эйэҕэс эбэтэ.