Аҕа дойду сэриитэ — бу биһиги барыбыт үйэлэр тухары умнубат историябыт буолар. Үгүс элбэх өлүүлээх-сүтүүлээх, сотуллубат харах уулаах, өйтөн-санааттан сүппэт, хаһан да умнуллубат олохпут кэрчигэ буолар. Хас биирдии дьиэҕэ ааннаан киирбит алдьархайы биһиги нэһилиэк эмиэ атын норуоттары кытта тэҥҥэ тулуйсубута. Олоҕу саҥа олорон эрэр эдэркээн уолаттар сэрии хонуутугар аттаммыттара. Бээрийэ нэһилиэгиттэн уопсайа 94 киһи Аҕа дойдуну көмүскүүр сэриигэ ыҥырыллан барбыта. Кинилэртэн сэрии бастакы сылларыгар 40 киһи кыргыс толоонугар охтубуттар. Нэһилиэккэ дъахтар, оҕо-аймах, оҕонньор-эмээхсин кыахтарын таһынан туруулаһан Улуу Кыайыыны тэҥҥэ уһансыбыттара.

Сэрии хонуутугар Аҕа дойдуларын туһугар геройдуу охсуспут, тыылга хаалбыт оҕонньор-эмээхсин, дьахтар, оҕо-аймах эйэлээх олохтон маппыт cop-муҥ сылларын биһиги үйэтитэр ытык иэстээхпит.

Үйэлэр тухары умнуохпут суоҕа биир дойдулаахтарбыт уһансыбыт Улуу Кыайыыларын!

Ким да умнуллубат, туох да умнуллубат!