Страница 2 из 2
Дупсун нэһилиэгиттэн Аҕа дойду сэриитигэр 220 буойун ынырыллан барбыта.Төрөөбут дойдуларыгар 122 буойун төннүбэтэхтэрэ. Кыайыы туһугар сырдык тыыннарын толук уурбуттара.98 буойун кыайыы кынаттанан дойдуларыгар төннөн кэлэн эйэлээх олоҕу тутуспуттара. 42 киһи Киренскэйинэн, көмүстээх Алданынан, Бурятиянан үлэ фронугар сылдьыбыттара. Олор истэригэр 8 хорсун-хоодуот дьахталлар кыайыы туһугар сыраларын биэрэн, күүстээх үлэҕэ умса-төннө түспүттэрэ.