Заболоцкий Иван Иванович (1927-2006)
1927 сыл олунньу 6 күнүгэр Байаҕантай нэһилиэгэр Таанньараҥ диэн сиргэ төрөөбүт. Аҕата Василий Гаврильевич, ийэтэ Мария Ивановна 1931 сыллаахха «Кэскил» колхозка киирбиттэр. Төрөппүттэрэ эрдэ өлөннөр, аймаҕа Заболоцкай Иван Петровичка—Тайҕа Уйбааҥҥа иитиллибит. Оҕо сааһа «Сытыган» диэн сайылыкка ааспыт. 1936 сыллаахха Танда сэттэ кылаастаах оскуолатыгар үөрэнэ киирбит. Оскуоланы 1944 сыллаахха үөрэнэн бүтэрбит. Сыл курдук «Кыһыл Танда» колхозка үлэлээбит. 18 сааһын туолан 1945 сыллаахха ыам ыйыгар Советскай Армия кэккэтигэр ыҥырыллыбыт. Иркутскай уобалас Мальта станциятыгар байыаннай үөрэҕи барбыт. Японияны кытта сэрии саҕаламмытыгар 21 -с артиллерийскай полк састаабыгар киирсэн Хинган хайаларын туораан Хайлар диэн Китай куоратыгар тиийбиттэр. Манна улахан сэрии буолбут: куорат бүтүннүү умайбыт, дьиэлэр турбалара эрэ хаалбыт этилэр. Сэрии ити кэмҥэ ааһан иннин диэки барбыт эбит. Онон кини чааһа алдьаммыт сэрии сэбин, киһи өлүгүн хомуйууга сылдьыбыт. Харбин куоракка тиийэн Японияны кытта сэрии кыайыынан түмүктэммитин истибиттэр, сыл курдук байыаннай япон саллааттарын харабыллааһыҥҥа сылдьыбыттар. Салгыы Монголиянан, Иркутскай, Чита уобаластарынан сулууспалаан 1951 сыллаахха бэс ыйыгар демобилизацияланан дойдутугар эргиллэн кэлбит.
Тандаҕа булчутунан, кэлин 20-чэ сыл Герой Егоров аатынан совхоз кыладыапсыгынан үлэлээн пенсияҕа тахсыбыт. 2006 сыллаахха ыалдьан өлбүт.
Кэргэнэ II Байаҕантай нэһилиэгиттэн төрүттээх Аргунова Мария Васильевналыын 6 оҕолорун үлэһит дьон оҥорбуттара. Оҕолоро бары удьуор уус дьоннор «Оһуор утум» айар-уһанар тэрилтэ тэринэннэр эдэр көлүөнэ ыччаттарын кытта үлэлииллэр, элбэх сиэннээхтэр.
