Калининскай Егор Евсеевич (1917-1976)
1917 сыллаахха Тандинскай нэһилиэгэр төрөөбүт. Аҕата Евсей Кузьмич, ийэтэ Иванова Анастасия Самсоновна Мохсоҕоллооххо сыыр үрдүгэр тыа солоон дьиэ туттан олорбуттар, сайылыктара Күөрүмэ. Танда оскуолатын бүтэрэн Мохсоҕоллооххо ааҕар балаҕаҥҥа үлэлээбит. Комсомольскай тэрилтэ секретара этэ. Ол кэмҥэ ыччаттары түмэн Күөрүмэ сайылыгар спортплощадка оҥорторбут. Онно туруорбут перекладиналара, кирилиэстэрэ уо.д.а. соторутааҕыга диэри турбуттар.
Егор Евсеевич 1942 сыллаахха армияҕа ыҥырыллыбыт. Фроҥҥа пехотаҕа сылдьыбыт уонна сэриини Берлиҥҥэ тиийэн түмүктэспит. 1946 сыллаахха дойдутугар эргиллибит. Кини контузияланан мөлтөхтүк истэр буолан кэлбит.
Егор Евсеевич Бороҕоҥҥо көһөн промкомбинакка столярынан үлэлээбит. Үчүгэй уус эбит. Ол сылдьан райпоҕа харабылынан үлэлиир Находкина Ириналыын холбоһон ыал буолбуттар. Мохсоҕоллоохтон дьиэ көһөрөн убайдарын Роман Евсеевич уонна Иван Васильевич Калининскайдар икки ардыларыгар ыаллыы олорбуттар.
1976 сыллаахха ыалдьан өлбүт.
