ЕРМОЛАЕВ ХРИСТОФОР ЕГОРОВИЧ (1927-1980)
1927 сыллаахха Сталин аатынан колхозка колхозтаах дьиэ-кэргэҥҥэ төрөөбүт.Курбуһах 7 кылаастаах оскуолатын бүтэрбит. Бастыҥ үөрэнээччи, активист буолан Артекка барыахтааҕа сэрии буолан тохтообут. Сэрии иннинэ колхоһугар хонуу биригэдьииринэн үлэлээбит. 1945 сыл бэс ыйын 6 күнүгэр бэбиэскэ тутан армияҕа барбыт. Илиҥҥи фроҥҥа сулууспалаабыт. Японияны утары сэрии кыттыылааҕа.
1950 сыллаахха дойдутугар эргиллэн кэлэр. Аҕа дойду сэриитигэр үлэҕэ килбиэнин иһин уонна элбэх юбилейнай мэтээллэринэн наҕараадаламмыт.
Армия кэнниттэн уһун кэмҥэ советскай- партийнай уонна салайар үлэҕэ үлэлээбит. 1980 сыллаахха олохтон соһумардык өлөн туораабыт.
Кэргэнэ Аммосова Екатерина Семеновналыын 3 оҕолоохтор, сиэннээхтэр уонна хос сиэннээхтэр.
