Страница 2 из 2
БУРНАШЕВ ДМИТРИЙ НИКОЛАЕВИЧ (1903-1943)
1903 сыллаахха төрөөбүт. Ликбезкэ үөрэнэн ааҕар, суруйар буолбут. Кэргэнэ Егорова Анисия Прокопьевналыын икки уол оҕоломмуттар. Дмитрий Николаевич кыайыылаах үлэһит, байанайдаах булчут.
Кыттаайы сайылыкка биригэдьииринэн үлэлии олорон 1941 сыллаахха армияҕа бэбиэскэ тутан барбыт. Сталинград куорат таһыгасэриилэһэ сылдьан 1943 сыллаахха өлбүт. Волгоградскай уобала сиригэр көмүллүбүт.
Улахан уола Николай Дмитриевич «Үлэ Албан аата» орден толору кавалера, 6 оҕо аҕата, 15 сиэн тапталлаах эһэтэ буолан олорор.
Кыра уол Дмитрий Дмитриевич армия кэнниттэн Камчаткаҕа олохсуйбут, 1 оҕолоох, сиэннэрдээх. 2002 сыллаахха ыалдьан өлбүт
