Страница 2 из 2
ОКОЕМОВ СЕМЕН АФАНАСЬЕВИЧ (1920-1943)
1920 сыллаахха Күөрүмэ алааска төрөөбүт. Уус-Күөлүн оскуолатыгар үөрэнэн сэттэ кылааһы бүтэрбит оскуола кэнниттэн «Хамыдал» колхозка биригэдьииринэн, колхоз
председателинэн, сурук үлэтигэр көмөлөһөөччүнэн үлэлээбит. Дьокуускай куоракка Аммосов Терентий Васильевичтаахха олорон тыа хаһаайыстыбатын министерствотыгар үлэлээбит, онно ханнык үлэҕэ сылдьыбытын аймахтара билбэттэр.
Сэриигэ Чурапчы оройуонун байыаннай комиссариатынян ыҥырыллан барбыт. 1943 сыл бэс ыйыгар сэриилэһэ сылдьан өлбүт. Көмүллүбүт сирэ биллибэт. Кэргэннэммэтэх.
