Страница 2 из 2
ПЕСТРЯКОВ ФИЛИПП ИВАНОВИЧ (1918-1943)
1918 сьллаахха Кэссиэ үрэҕэ диэн Бахсы сиригэр төрөөбүт. Курбуһах оскуолатыгар сэттэ кылааһы үөрэнэн бүтэрбит. Хамыдал уонна Холорук Толооно сайылык оҕолорун кытта тэҥҥэ оонньоон улааппыт. Аҕалара өлөн эрдэ тулаайах хаалбыт. Сэриигэ Дьокуускайдааҕы холбоһук байыаннай комиссариатынан ыҥырыллан барбыт. 1943 сыл сэтинньи ыйга өлбүт. Көмүллүбүт сирэ биллибэт. Ийэтэ Софья Даниловна Пестрякова уолун туһунан биллэриини тутаат сотору өлбүт. Филипп Иванович туһунан докумуоннар, фронтан суруйбут суруктара хараллыбакка сүппүттэр. Кэргэн ылбакка сылдьан сэриигэ өлбүт.
