Страница 2 из 2
ФЕДОСЕЕВ ИВАН ПЕТРОВИЧ (1922-1968)
1922 сыллаахха Бүөр Эбэҕэ төрөөбүт. Аҕата Петр Федосеев «Октябрь» колхоз ударнига, ууһа. Талааннаах уус киһи буолан оройуон киинигэр Бороҕоҥҥо райкомбинакка үлэлэтэ киллэрбиттэр. Иван Петрович армияҕа 1943 сыллаахха ыҥырыллан барбыт. Империалистическай Японияны утары сэрии кытгыылааҕа. 1948 сыллаахха демобилизацияланан дойдутугар эргиллэн кэлэн колхоз араас үлэтигэр үлэлээбит. Сүрдээх үчүгэйдик тенор куолаһынан ыллыыра. Кэлин аҕатыгар Бороҕоҥҥо көһөн киирбит, сельпоҕа үлэлээбит.
1968 сыллаахха олохтон соһумардык өлөн туораабыт.
