АММОСОВ ИВАН ИВАНОВИЧ (Кудаакын) (1907-1943)
1907 сыллаахха Курбуһах нэһилиэгэр Кэрэхтээх диэн сиргэ төрөөбүт. Уус-Күөлүн ос- куолатыгар үөрэммит. Төрөппүттэрэ Молотов аатынан колхоз чилиэннэрэ. Кинилэр Бэтиэттинигэ, Хатыҥнаахха олорбуттар. Сэрии иннинэ колхоһугар биригэдьииринэн үлэлээбит.
Кыһыл хааннаах, толору эттээх-сииннээх, турбут-олорбут, үлэһит үтүөтэ, үчүгэй май- гылаах-сигилилээх дьон-сэргэ убаастыыр киһилэрэ эбит. Кэргэнэ Настааны кытта Ма йыанаҕа Местников Петр Иннокентьевич дьонун кытта бииргэ олорбуттар. Анна диэн соҕотох кыыстара Бурнашев Феодосий Васильевичка кэргэн тахсыбыт.
1942 сыл атырдьах ыйын 12 күнүгэр Чурапчы оройуонун байыаннай комиссариатынан ыҥырыллан сэриигэ барбыт уонна 1943 сыллаахха өлбүт. Көмүллүбүт сирэ Смоленскай уобалас Сычевскай оройуона.
