:
Дата и место рождения :
  • 1915,
Дата и место призыва:
  • 12.08.1941 г.,
Место службы: Западный фронт
Дата выбытия: 1947
Причина выбытия: Демобилизация

АММОСОВ ИВАН ВАСИЛЬЕВИЧ I (Анды харах) (1915-1980)

1915 сыллаахха төрөөбүт. Курбуһах оскуолатыгар үөрэммит.1941 сыл атырдьах ыйын 12 күнүгэр сэриигэ бастакы улахан хомуурга барбыт. Бастаан генерал Власов армиятыгар сэриилэспит. Билиэн түбэһэн баран куоппут. Онтон Рокоссовскай армиятыгарсулууспатын салҕаабыт. Дойдутугар 1947 сыллаахха этэҥҥэ эргиллибит. Бастаан Хоро нэһилиэгэр олорор Өкүлүүнэ диэн улахан эдьиийигэр кэлбит. «Хоро», «Кыһыл Маяк» колхозтарга үлэлээбит. Сотору кэргэн ылан Майаҕаска олохсуйбут. «Бойобуой үтүөлэрин иһин», «Германияны кыайыы иһин» мэтээллэрдээх. 1980 сыллаахха хорсун буойун сүрэҕэ тэппэт буолбут. Кини олоҕун төрөппүт оҕолоро, сиэннэрэ, хос сиэннэрэ салгыыллар.